РФ экономическай сайдыыга министиэристибэтэ СОНКО уонна социальнай урбаан рейтинин регионнар ыккардыларыгар таһаарда. 2019 сыллааҕы үлэ түмүгэ көрдөрүлүннэ. Саха сирэ бастыҥнарга киирдэ, СИА тустаах министиэристибэ пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.
«2019 сыл түмүгүнэн Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук, Хабаровскай кыраай, Ярославскай уобалас, Самарскай уобалас, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Москва, Тюменскай уобалас бастыҥнар буоллулар. Бастакы миэстэни үһүс сылын субуруччу Ханты-Мансийскай автономнай уокурук – Югра ылла», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Рейтинг стратегическай көҕүлээһиннэр Агентстволарын кытта оҥоһулунна.