23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Нежданинскайга миллиард аҥардаах үлэ

19:20, 12 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпоҕо улахан кээмэйдээх геологическай-чинчийэр үлэ барара былааннанар. Ол курдук, 20 тыһ. погоннай миэтэрэттэн тахса хаһыыны оҥоруохтаахтар. Бу үлэ баар саппааһы билиигэ уонна саҥа учаастактары арыйыыга туһуланар. Хампаанньаҕа күн бүгүн сүүстэн тахса киһи үлэлиир. 


Үлэ бюджета — миллиард аҥара солкуобай. Үлэ ыытыллар болдьоҕо — балтараа сыл. Бу туһунан Томпо оройуонун баһылыга Георгий Герасимов, «Полиметалл» хампаанньа салайааччыта Сергей Пекус  уонна «Соҕуруу Дьааҥы хайа хостуур хампаанньа» кылаабынай геолога Григорий Иванов, хайа-геологическай техникум дириэктэрэ Михаил Неустроев  атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.

Атырдьах ыйыгар Хаандыгаҕа ыытыллыахтаах инвестиционнай Форум чэрчитинэн бииргэ үлэлиир туһунан Сөбүлэһиини оҥорорго оройуон салалтата хампаанньаҕа этии киллэрдэ. Онон «Томпотооҕу хайа-промышленнай оройуон» биир кэлим былааныгар Нежданинскайдааҕы көмүстээх сири туһаҕа таһаарыы биир сүрүн пуунунан буолла.

Оттон хайа-геологическай техникум бэйэтин базатыгар  промышленноска үлэлиэхтээх кадрдары бэлэмнээһин техническэй кылаастарын тэрийэргэ былаан ылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА