Нерюнгри көтөр фабрикатын кууруссатын этигэр «тилозин» диэн бобуулаах препарат баара билиннэ. Россельхознадзор Саха сиринээҕи Управлениета фабрика бородууксуйатын таһаарарын тохтоторун дьаһайда.
Куурусса этин Россельхознадзор Саха сиринээҕи Управлениета Иркутскайдааҕы бэтэринээринэй лабораторияҕа ыытан чинчийдэ.
«Тилозин» антибиотик көрүҥэ аска туттуллара бобуулаах. Куурусса этигэр препарат көрдөрүүтэ үрдүгүнэн, тэрилтэ бородууксуйаны таһаарара бобулунна.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/oa-sajsary-predpisali-prekratit-serijnyj-vypusk-kurinyh-polufabrikatov/