30 Тохсунньу 30.01
  • -38°
  • $ 98,01
  • 102,4

Нерюнгрига буолар Олоҥхо ыһыаҕар анаан "Амикан" паарканы тупсарыахтара

17:01, 29 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Амикан» сынньалаҥ пааркатын тупсаран оҥорор туһунан эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар эппитэ. Үлэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн барыаҕа. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.

Бырайыак территорияны биир кэлим сайыннарыыга уонна хас да зонаны биир рекреационнай кластерга холбуур соруктаах:

  • «Техника паарката» — уопсастыбаннай пространство, сир анныттан хостонор баайы кытта үлэлиир техникалар макеттара баар буолуоҕа, оҕо уонна спорт былаһааккалаах, сатыы хаамарга ыллыктаах;
  • «Таастаах», манна Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Этнокультурнай комплекс дьон сынньанарыгар уонна национальнай бырааһынньыктар ыытыллалларыгар ананар;
  • «Горизонт» хайыһар баазата саҥардыллар, рекреационнай кластерга сөп түбэһиннэрэн.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Дьаһалта иһитиннэрбитинэн, бырайыактыыр-сметалыыр докумуона оҥоһулунна, муниципальнай хантараактар түһэрсиллэллэр.

Санаттахха, 2025 сылга Нерюнгри оройуонугар Олоҥхо ыһыаҕа түстэниэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА