Нерюнгри олохтооҕо Сергей Леонтьев “Сколковоҕа” “Техностарт-2018” куонкурус номинациятыгар кыайда

“Якутия” технопаарка Нерюнгри к. филиалын резиденэ Сергей Леонтьев “Сколково” тэрийбит “Техностарт-2018” индустрияҕа саҥаны киллэриигэ бырайыактарын куонкуруһугар “АЛРОСА” АК номинациятын кыайыылааҕынан таҕыста.

Сергей Леонтьев “Үүттүүр технологиялар” тэрилтэ дириэктэринэн үлэлиирин быыһыгар науканан эмиэ дьарыктанар. Кини 4 улахан айан оҥоруулаах. Сир баайын хостооһун технологиятын тупсарар баҕалаах. Сергей саҥаны айыылара хайа бырамыысыланнаһыгар туһалыахтара.

СИА.

This post was published on 17.05.2018 16:39 16:39