2020 сыл алтынньы 1-31 күннэригэр дойду бары эрэгийиэннэригэр биэрэпис ыытыллыаҕа.
“Бу тэрээһин туох сыаллааҕый-соруктааҕый? Туох саҥа сонун сүүрээн киириэй? Биэрэпискэ кыттааччыларга ханнык ыйытыылары биэриэхтэрэй? Кумааҕы биэрэпиһи электроннай технология солбуйуо дуо?” – бу маннык үгүс киһини интэриэһиргэтэр ыйытыыларга быһаарыы биэрэр инниттэн кэлэр сылга дойду олохтоохторун биэрэпиһин ыытар эппиэтинэстээх салайааччылар суруналыыстары кытта “Сахамедиа” пресс-киинигэр көрүстүлэр.
— Ханнык баҕарар суолталаах тэрээһин тус дьаралыктаах (эмблема) буолуохтаах. Куонкурустаан, Арассыыйа ис тутулун арыйар, араас омук сомоҕолоһуутун көрдөрөр, дойду хас биирдии олохтооҕун кытта аһаҕастык кэпсэтии символа талыллыбыта.
Эһиил алтынньыга ыытыллыахтаах Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 12-с төгүлүн ыытыллыаҕа. Бу иннинээҕи биэрэпис 2010 сыллаахха ыытыллыбыт. Биллэн турар, бу кэм устата Саха сиригэр уларыйыы үгүс. Ол курдук, 126 тыһ. киһи күн сирин көрбүт, 66 тыһ. киһи өлбүт, өрөспүүбүлүкэҕэ 280 киһи олохсуйа кэлбит, 331 киһи букатын көһөн барбыт. Кэлэр сыл биэрэпиһэ сүҥкэн уларыйыы тахсыбытын өссө чиҥэтэн бигэргэтиэ турдаҕа, — диэн пресс-кэмпириэнсийэни саҕалыырыгар анаан бэлиэтээтэ СӨ Судаарыстыбаннай статистикатын федеральнай сулууспа территориальнай уорганын салайааччы Ирина Гаевая.
- Саха сиригэр биэрэпис тоҕо атырдьах ыйыгар ыытылларый?
Алтынньыга өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар айан-сырыы суола сабыллар кэмэ. Онон биэрэпиһи ыытар хамыыһыйа суола-ииһэ уустук эрэгийиэннэр суолталаах тэрээһини ыытыы болдьоҕун бэйэлэрэ быһааралларыгар сорудахтаабыта. Саха сирин 11 ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пуунугар биэрэпис 2020 сыл атырдьах ыйын 1-кы күнүгэр, 26 улуус 272 нэһилиэнньэлээх пуунугар балаҕан ыйыгар ыытыллыаҕа.
- Биэрэпискэ туох саҥа сүүрээн киириэҕэй?
Бастатан туран, биэрэпиһи ыытааччылар уруккулуу кумааҕыны туппутунан киирэн кэлиэхтэрэ суоҕа. Үгүс киһи дьиэтигэр туора дьону киллэриэн баҕарбатын учуоттаан, киин сирдэргэ олорор биэрэпискэ кыттааччылар өҥөнү оҥорор биир кэлим порталларга электроннай ньыманан ыйытыыларга эппиэттиэхтэрин сөп. Дьиэлэринэн сылдьан биэрэпиһи ыытар дьон уруккулуу кумааҕыны толорбокко, планшетынан үлэлиэхтэрэ. Биэрэпискэ киһи бэйэтин баҕа өттүнэн кыттар, ким да кинини күһэйбэт. Биэрэпискэ кыттааччы туох да докумуону көрдөрбөт. Сөбүлээбэт ыйытыытыгар эппиэттээмиэн сөп.
- Биэрэпис хас лиистээҕий?
Биэрэпис лииһэ үс былааҥкалаах. “Л” былааҥка – сүрүн. Манна Арассыыйаҕа олорор биэрэпискэ кыттааччы (кыра оҕону аахсан туран) 23 социальнай-демографическай характеристикалаах ыйытыкка хоруйдуур: дьахтара, эр киһитэ, сааһа, гражданствота, омуга, ханнык тылынан саҥарара, олорор усулуобуйата, үөрэҕэ уо.д.а.
“П” былааҥкаҕа олорор дьиэ уонна санитарнай-гигиеническэй усулуобуйа туһунан иһитиннэриини суруйаллар. “В” былааҥканы дойдуга быстах кэмҥэ кэлэн олорор дьон толороллор.
- Биэрэпис түмүгэ хаһан биллиэй?
Бастакы барыллаан түмүк кэлэр сыл ахсынньытыгар биллиэҕэ. Уопсай түмүк 2021-2022 сс. биллиэҕэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru