Сайыҥҥы навигациянан Саха сиригэр 1,8 мөл туонна таһаҕас аҕалыллыаҕа, ол иһигэр уматык, ас-үөл. Атыылаһыыны билиҥҥэттэн саҕалыыр ордук, бу туһунан кулун тутар 25 күнүгэр Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
Ааспыт нэдиэлэҕэ вице-премьер — РФ президиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаевы кытта олох-дьаһах боппуруостарыгар мунньахтары ыыттылар. Ол иһигэр навигацияҕа уонна хотугу тиэйиигэ-таһыыга.
«Сайыҥҥы навигациянан Саха сиригэр 1,8 мөл туонна таһаҕас аҕалыллыахтаах: уматык, ас-үөл. Биһиги от-бэс ыйдарын күүтэн олорор кыахпыт суох. Билиҥҥиттэн үбүлээһини көрөн, атыылаһыыны ыытыахтаахпыт. Харчыга кыһалҕалары кытта, поставщиктар сыаналара үрдээбитэ, тырааныспар логистиката ыарахаттары үөскэтэр. Ити эрээри мин Юрий Петрович федеральнайдааҕы уоргаттары кытта кыттыгастаах мунньаҕы ыыппытыгар, чуолкай соруктары туруорбутугар махтанабын. Манна уматыгы, чоҕу, ньиэби тириэрдииттэн саҕалаан, муора, тимир суол тырааныспарын үлэтигэр тиийэ быһаарылынна. Бу барыта навигация уонна хотугу тиэйии-таһыы боппуруостарын үрдүк таһымҥа тэрийиини кытта сибээстээх», — диэтэ Айсен Николаев.
Эрдэ Юрий Трутнев, ас-үөл кэмигэр уонна сөптөөх сыанаҕа аҕалыллыахтааҕын эппитэ. Кини сыананы үрдэтии таһаарыллыа суохтааҕын чуолкайдык чопчулаабыта.