21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Наука үлэһиттэрин хамнастара үрдээтэ

12:01, 13 февраля
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Учуонайдар хамнастара 200 тыһыынча солкуобайга тиийэ улаатыаҕа. Бу туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа наукатын күнүгэр иһитиннэрдэ, суруйда Саха сирэ сайт.

Владимир Путин этэринэн, билигин Арассыыйа науката саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсыахтаах. “Билигин биһиги аан дойду наукаларын кытары тэҥҥэ сайдарбыт туһугар технология өттүнэн саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсыахпытын, бэйэбит ураты идэлэрбитин өссө сайыннаран биэриэхпитин наада. Ону ааһан инники күөҥҥэ тутар хайысхаларбытыгар технология, оҥорон таһаарыы өттүнэн бастыҥ буолуохтаахпыт. Бу эппит хайысхаларым Наука, технология сайдыытын саҥа стратегиятыгар киириэхтэрэ”, — диэн этэр кини.

Бэрэсидьиэн кэлэр үс сылга федерация бүддьүөтүттэн наукаҕа, саҥа арыйыыларга 1,5 трлн солкуобай барыаҕын туһунан эрдэ иһитиннэрэн турар. Быйылгыттан Арассыыйа наукатын академиятыгар үбүлээһин эмиэ үрдээтэ.

— Быйыл Наука академиятыгар федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин алта миллиард солкуобайга диэри улаатта. Ону таһынан үлэһиттэр хамнастара балтараа төгүл үрдээтэ. Төһө да үбүлээһин улааппытын иһин, мин санаабар, бу эбиллии өссө да кыра. Онон хамнаһы былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэтэргэ этэбин. Холобур, академик 200 тыһыынча солкуобайы, чилиэн-корреспондент – 100 тыһыынча солкуобайы ылыахтаахтар, — диэн иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА