24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

«Наука 0+» бэстибээлгэ 500 тахса ХИФУ үлэһитэ уонна устудьуона кыттыыны ылыаҕа

13:11, 04 сентября
Хаартыска: Күннэй Игнатьева / ХИФУ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеттан 300 кэриҥэ үлэһит уонна 200 тахса устудьуон бүтүн Россиятааҕы «Наука 0+» бэстибээлгэ кыттыыны ылыахтара. Бэстибээл Дьокуускай куоракка балаҕан ыйын 4-7 күннэригэр ыытыллыаҕа, НВК Саха сайт суруйар.

Үрдүк үөрэх кыһата интерактив форматтаах 70-чэ былаһаакканы тэрийиэҕэ. Быйылгы бэстибээл бырагырааматыгар вуз эдэр ыччатын лабораторияларын бырайыактарын толору көрдөрүөхтэрэ диэн ХИФУ билим уонна инновациятын департаменын дириэктэрэ Нинель Малышева «Наука 0+» пресс-кэмпириэнсийэтигэр иһитиннэрдэ.

«ХИФУ өрөспүүбүлүкэ сүрүн университета буолар. Онон талааннаах оскуола оҕолорун интэриэстэрин тардарга болҕомтобутун уурабыт. Бу манна профориентационнай үлэ биһиэхэ көмө буолар. «Наука 0+» бэстибээлгэ араас саастаах оҕолор билим үлэһиттэриттэн кинилэр тугунан дьарыктаналларын, региоҥҥа уонна дойду үрдүнэн ханнык билим бырайыактара олоххо киирэллэрин барытын билэр кыахтаналлар», – диэн Нинель Малышева эттэ.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр, «Дохсун» спортивнай комплекска «Лекарская лавка» диэн ааттаах аһаҕас былаһаакка арыллыаҕа. Манна устудьуоннар, эдэр чинчийээччилэр БАД көрүҥэр бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрүөхтэрэ. «Олоҥхо» билим-чинчийии института саҥа сыыппара бородууксуйатын таһаарыаҕа — мобильнай сыһыарыыны. Саҥа сыһыарыы ааспыт үйэ аатырбыт олоҥхоһуттарын толорбут айымньыларын аудио хомуурунньуга буолуоҕа. Бырайыагы официальнай уонна судаарыстыбаннай тыллары өйүүр СӨ судаарыстыбаннай бырагырааманан оҥордулар.

Ону тэҥэ ХИФУ «Вычислительные технологии и искусственный интеллект» диэн эдэр ыччат билим лабораториятын үлэтин түмүгүн таһаарыаҕа. Билим эдэр үлэһиттэрэ искусственнай интеллегы өрөспүүбүлүкэ сыалларын-соруктарын толорууга хайдах туттуохха сөбүн көрдөрүөхтэрэ.

Ону таһынан, пресс-кэмпириэнсийэ модератора, СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай бэлиэтииринэн, бэстибээл кыттааччылара уонна ыалдьыттара квизтарга, викториналарга уо.д.а. кыттаннар «фестиваликтары» хомуйаннар бириискэ атастаһыахтарын сөп. Бириистэри тэрийээччилэр, кыттар тэрилтэлэр биэрэллэр.

Санатарбыт курдук, бэстибээл быйыл биир эрэ күн буолбакка, түөрт күн буолуоҕа. Сүрүн быыстапка «Дохсун» спортивнай комплекска тэриллиэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар