Хамаҕатта нэһилиэгин “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр «Алаһа дьиэ сылаас тыына» дьиэ кэргэн фестивала буолан ааста. Нам улууһун айар-тутар, ситиһиилээх ыалларыгар болҕомто уурар, дьиэ кэргэн туругун, ытык суолтатын үрдэтэр сыаллаах ыытылынна.
1 Хомустаахтан дьиэ кэргэни үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо көхтөөх буолалларыгар көҕүлүүр, күүһүрдэр Айталина Дмитриевна, Виктор Герасимович Рожиннар, Партизантан «Дьүрүл” народнай ансамбль эдэр көлүөнэ чилиэннэрэ, нэһилиэк эдэр ыалларын күрэҕин кыайыылаахтара Александра, Алексей Мордосовтар, Намтан 2015 сылтан приемнай-дьиэ кэргэн буолбут Дмитрий Львович, Люция Семеновна Решетниковтар, Түбэттэн нэһилиэккэ тарбахха баттанар, холобурга сылдьар Евдокия Семеновна, Дмитрий Дмитриевич Захаровтар, Хатырыктан бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх буолууну, сылаас тыыны иҥэрэр, талааннарынан таһыччы Мария Афанасьевна, Василий Егорович Захаровтар, Хамаҕаттаттан ырыа искусствота сайдарыгар улахан кылааттарын киллэрсэр, нэһилиэк бары уопсастыбаннай үлэтигэр кыттар Илья, Екатерина Заболоцкайдар уонна дьиэ кэргэн дьүөрэлэһиитин, толорсон, ситэрсэн биэриитин көрдөрөр Надежда Григорьевна, Михаил Михайлович Макаровтар, бары да ураты эйгэлээх дьиэ кэргэттэр кытыннылар, түмүстүлэр.
Дьиэ кэргэн, таптал, доҕордоһуу күнүнэн «Хамаҕатта нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга И.Н. Максимов, “Нам улууһа” МТ баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы М.С.Игнатьева эҕэрдэлээтилэр, үчүгэйи, үйэлээҕи үөдүтэр кэрэ бырааһынньык тэриллибитинэн “Түһүлгэ” норуот айымньытын киин кэлэктиибигэр махталларын биллэрдилэр.
Ыалдьыттарга, дьиэ кэргэттэргэ ырыа-тойук аргыстаах Ньургуйаана, Айаал Сунтаровтар үс кыргыттарынаан уонна саҥа тэриллибит кыргыттар ансаамбыллара киэргэттилэр.
«Алаһа дьиэ сылаас тыына” истиҥ киэһэбит күндү көрөөччүлэрэ, бу кыттыбыт ыалларга, дьиэ кэргэттэрин холобурдарынан бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны, оҕо туһугар ахсаабат кыһамньыны көрөн, «этэҥҥэ бииргэ олоруу – бу олох кистэлэҥэ” буоларын сэҥээрэн, махтана, астына ытыс таһыннылар, диэн СИА-ҕа суруйда Татьяна Гаврильева, «Түһүлгэ» киин.