22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нам улууһун ходуһаларыгар хотуурдар тыаһаатылар

16:33, 11 июля 2023
Текст:
Хаартыска: "Эҥсиэли" хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күнү-дьылы баттаһа, от ыйын 1 күнүттэн кэккэ нэһилиэктэргэ: Үөдэйгэ, 1 Хомустаахха, Хатыҥ Арыыга, 2 Хомустаахха кытылга киирэн отторун охсон саҕалаатылар.

Нам улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Владимир Макаров:

— Быйыл улууска былаан быһыытынан 27 563 туонна оту бэлэмниир соруктаахпыт. Улуус үрдүнэн оттуур сирбит иэнэ уопсайа 32 183 гааҕа тэҥнэһэр, ол иһигэр кытыл — 11 724 га, алаас — 12 521 га, саппаас сир — 4 225 га, тыа быыһынааҕы сир — 3713 га.

От үлэтигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга барыта 744 араас мааркалаах тыраахтардары туһанан 1655 киһи, 534 звено оттуоҕа, суруйда @gazetaensieli

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА