8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Нам улууһун халаан уутуттан эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэригэр чөлүгэр түһэрии үлэ саҕаланна

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам оройуонугар халаан уутуттан эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэргэ чөлүгэр түһэрэр үлэлэр саҕаланнылар, ол иһигэр суолларга эмиэ. Олохтоохторго төһө кыалларынан көмө оҥоһуллар.

Өлүөнэ эбэҕэ муус Нам, Уус Алдан, Кэбээйи улуустарын туһаайыытынан ааһар. Аллараа тардыы Сангаарга, үөһээҥитэ Кангалас бөһүөлэгэр бэлиэтэнэллэр.

«Нам улууһугар балаһыанньа ыарахан. Уу кыралаан түһэр. Балаһыанньа Кэбээйи оройуонугар муус хайдах барарыттан улахан тутулуктаах. Нэһилиэнньэлээх пууннарга ЫБММ уонна Быыһыыр сулууспа исписэлиистэрэ үлэлииллэр, кинилэри кытта медицина үлэһиттэрэ.

Олохтоохторго көмө миэрэлэрэ ылыллаллар. Хоромньуну ааҕар хамыыһыйа үлэлиир.

Чөлүгэр түһэрэр үлэлэр саҕаланнылар, ол иһигэр суол оҥоруутугар. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба уонна суол хайысхатыгар эбии анал техникалар ананнылар.

Көмө толору оҥоһуллуохтаах. Дьиэлэргэ итии тохтоло суох бэриллиэхтээх, дьиэлэр толору кууруохтарыгар диэри», — Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар бэҕэһээ суруйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА