Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын управлениета муус устар 12 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Нам улууһугар 1789 ынах төрөөтө. Бартыһаан хотонноругар ордук элбэх ньирэй баар.
Көбөкөҥҥө — 44, Никольскайга — 48, Партизаҥҥа — 135, Таастаахха — 107, Хамаҕаттаҕа — 129, Хатыҥ Арыыга — 222, Хатырыкка — 134, 1-кы Хомустаахха — 81, Арбыҥҥа — 60, Үөдэйгэ — 170, Искраҕа — 40, Модутка — 116, Салбаҥҥа — 49, Түбэҕэ — 65, Фрунзеҕа — 20, 2-с Хомустаахха — 103, Маймаҕаҕа — 23 ньирэй төрөөтө.
Былырыыҥҥы бу кэмин кытта тэҥниир буоллахха, 8 төбөнөн элбэх ынах төрөөбүт.
Кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр. Билиҥҥитэ сүөһүлэр туруктара үчүгэй.
Барыта 44 биэ төрөөтө: Көбөкөҥҥө — 2, Никольскайга — 15, Партизаҥҥа — 5, Таастаахха — 6, Хатырыкка — 1, 1 Хомустаахха — 3, Арбыҥҥа — 2, Модутка — 7, Салбаҥҥа — 3.
Былырыын бу бириэмэҕэ улуус үрдүнэн 46 биэ төрөөбүт, суруйда «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата https://www.instagram.com/namsadm_official/