23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Нам улууһугар саахал түмүгэр суоппар балыыһаҕа киирдэ

Фото: Управление Госавтоинспекции МВД по Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам оройуонун суолугар саахал тахсан, суоппар балыыһаҕа киирдэ. Авария муус устар 10 күнүгэр Нам-Өргөлөөх суолугар буолла, диэн Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэрэр.

Нам-Өргөлөөх икки ардынааҕы суол 7-с километрыгар 61 саастаах  УАЗ- 3153 массыына суоппара массыынатын кыайан салайбакка суол таһыгар баран түстэ.  Ол түмүгэр атаҕар эчэйиилээх балыыһаҕа киирдэ. Кини пассажира, 27 саастаах киһи, саахал кэмигэр эмсэҕэлээбэтэ.

УАЗ массыына суоппара А, А1, Б, Б1(AS), ВЕ, C, C1, CE, C1E, М категория дастабырыанньалаах 38 сыл суоппар ыстаастаах. Ааспыт сылга 35 төгүл ПДД быраабылаларын кэспит, ол иһигэр олохтоммут тэтими куоһарбыт. Саахал тахсыбыт кэмигэр, эр дьон иккиэн куттал суох буолуутун хааччыйар курдарын иилиммэккэ олорбуттар.

ДТП чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар