Ил Дархан Айсен Николаев Нам улууһугар бэҕэһээ сырытта. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Хатырык олохтоохторун кытта быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа тиийэн көрүстэ.
ПВР олохтоох оскуолаҕа баар. Манна 140 киһи олорор. Кинилэр итии аһынан, бастакы туттар тэрилинэн, утуйар таҥаһынан, иһэр ыраас уунан, бородууктанан хааччыллыбыттар.
Кэпсэтии кэмигэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга көрүллэр көмө толору кээмэйинэн оҥоһулларын эттэ. «Эрэниҥ, көрүллэр көмө толору кээмэйинэн оҥоһуллуоҕа. Чөлүгэр түһэрэр үлэ саҕаланна – сарсыардаттан Хатырыкка диэри суол арылынна, суолга үлэ салҕанан барыаҕа. Бу күннэргэ хоромньу ааҕыллар, салгыы компенсациялар төлөнөн барыахтара», – диэтэ Айсен Николаев.