Алтынньы 17 күнүн туругунан, Нам улууһугар булчуттар икки бөрөнү бултаатылар. Оройуон сиригэр-уотугар бөрөнү бултааһыҥҥа улуус баһылыга Юрий Слепцов уурааҕынан биир төбөҕө 15 тыһ. солкуобай төлөбүр олохтоммута — диэн иһитиннэрдэ.
Таастаах нэһилиэгин чугаһыгар бөрө элбээбитин туһунан иһитиннэрии бу сыл балаҕан ыйын саҥатыгар киирбитэ. Ити эрээри төһө төбө адьырҕа кыыл баара чуолкайа биллибэт, барыллаан 13 төбө.
Филипп Николаев, Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы:
— Билигин Таастаах, Искра, Никольскай, Хамаҕатта нэһилиэктэригэр сэттэ биригээдэ тэриллэн сонордоһо сылдьаллар. Бөрө булда элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр, ыыра киэҥ буолан, тыаҕа таҕыстаргын эрэ сонно бултаабаккын. Таһаарар хоромньута улахан. Балаҕан ыйыттан саҕалаан улууска билиҥҥитэ бөрөлөр 12 улахан уонна кыра сүөһүнү, 1 сылгыны тардыбыттарыттан 6 сүөһү уонна сылгы өлбүтэ.
«Нам улууһа” МТ пресс — сулууспата