22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нам Таастааҕар Ала ууһун ыһыаҕа буолла

16:20, 06 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын саҥатыгар Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэ тэриллибитэ 170 уонна сөргүтүллүбүтэ 30 сылыгар аналлаах Ала ууһун уйгу быйаҥ ыһыаҕа буолан ааста. «Аар баҕах» сэргэ туруорулунна.


Ыһыахха Ала оҕонньортон сыдьааннаах Горнай улууһуттан Бэс Күөл, Күөрэлээх, Маҕарас, куораттан Маҕан (Көдүһү), Намтан 1 Хомустаах, Партизан, Салбаҥ нэһилиэктэрин дьоно-сэргэтэ Таастаах сиригэр-уотугар төлкөлөөх түһүлгэни төрүттэһэ тоҕуоруһа муһуннулар.

Ыһыах ыһар пааркаҕа олохтоохтор Ала ууһугар аналлаах бастакы ыһыах буолбут күнүн үйэтитэргэ «Аар баҕах» сэргэни туруордулар. Онтон ыраахтан-чугастан мустубут Өргөлөөхтөн төрүттээх ытык мааны кырдьаҕастар, олорон ааспыт дьон оҕолоро мустан, иилии олорон, оҕо саастарын, дьоннорун-сэргэлэрин ахтан-санаан ыллылар. Маны сэргэ, бу күн биир улахан тэрээһининэн төрүт өбүгэлэрбит тимири уһааран, туһаҕа таһааран олохторун уйгутун оҥостубут үтүө үөрүйэхтэрин көрдөрүү буолла. Манна Кулуба Сөдүөт сыдьаана, тимир ууһа, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо Захар Павлов Тимир Хайата диэн сиртэн таас аҕалбытын боруобалаан көрдүлэр. Таастаахтар тимири уһаараллара республикаҕа да, тас да дойдуга киэҥник биллэн эрэр, онон өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин сөргүтүүнү көрдөрүүгэ Японияттан тиийэ икки тимир уустара кэлэн сөҕө-махтайа көрдүлэр.

Быйыл республикаҕа тупсарыныы сылын чэрчитинэн, үбүлүөйдээх ыһыах күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, «Сөргүтүү» болуоссатын үөрүүлээх аһыллыытын туоһулаан «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, «Таастаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Евгений Федотов уонна Таастаах нэһилиэгин сөргүтүү кэмигэр «Нам» совхоз управляющайа Валерий Канаев кыһыл аалай лиэнтэни быстылар. Дьон үөрүүтүнэн туолбут уоттаах-күөстээх, фонтаннаах саҥа болуоссакка «Олох устун» тыыннаах доҕуһуол бөлөҕүн дуорааннаах муусуката, ыллам ырыалара дуорайда. Маны таһынан Кэнкэмэ үрэх үрдүгэр тимир уустарыгар анаан өйдөбүнньүк туруорбуттар.

Ала оҕонньортон саҕалаан күн бүгүҥҥү олоҕу сырдатар дириҥ историялаах театрализованнай дьүһүйүү көрдөрүлүннэ. Хас биирдии нэһилиэк түһүлгэ тэринэн, нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын сырдатар быыстапкалары оҥордулар. Хайа да ыһыахха буоларын курдук «Өбүгэ ырыата-тойуга», «Саха сайаҕай ыала», «Үҥкүү алыбар уйдаран», «Талыы талба саха таҥаһа», «Көмүс куолас», «Кэрэ Куо» диэн куонкурустар ыытылыннылар. Маны сэргэ, быыппастар былчыҥнаах, кус быһый, ат бөҕө уолаттарга «Ала ууһун Боотура» күрэхтэһии тэрилиннэ. Бу күн ырыанан, күрэхтэһиинэн эрэ муҥурдаммакка «Саха ынаҕа — сайдыы төрдө» диэн ааттаах Таастаах нэһилиэгэ инники сайдыытын туһунан сүбэ мунньах буолла.

Ала ууһун ыһыаҕар Таастаах нэһилиэгэ урукку кэминээҕэр сайдыбытын бэлиэтээтилэр, маннык ураты ыһыаҕы үгэскэ кубулутан, сылын ахсын ыытарга былаанныыллар. Ол курдук эһиил Атамай нэһилиэгэ үбүлүөйдээх ыһыаҕар ыҥырталаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА