Чурапчы сэлиэнньэтигэр кулун тутар 22-23 күннэригэр «Сылгыһыт күрэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүү ыытыллыаҕа. Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, намнар бэлэмнэр.
Нам улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, Чурапчы улууһугар ыытыллыахтаах сылгыһыттар күрэхтэригэр олохтоох сылгыһыттар бэлэмнэр.
Управлениетын салайааччы Владимир Макаров сылгыһыттары көрсөн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттар хамаанда састаабын быһаарыстылар, күрэхтэһии уонна үлэ-хамнас боппуруостарын торумнастылар.
«Ат сүүрдүүтэ 1200 миэтэрэ уһуннаах дистанцияҕа биэс араас түһүмэхтээх ааһыаҕа.
Биһиги улууспут сылгыһыттарын хамаандата сыллата ыытыллар күрэххэ ситиһиилээхтик кыттар«, — диэн суруйар пресс-сулууспа.