Нам сэлиэнньэтигэр олохтоох дьаһалта “Дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ” бырагыраама чэрчитинэн, нэһилиэнньэттэн дьиэ кыылын иитиигэ сайаапка хомуйбута. Бырагыраама нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһуланар диэн «Эҥсиэли» хаһыат суруйар.
Ол курдук, уопсайа 133 ыал 850 сымыыттыыр куурусса, 932 бройлер, 206 индюк, 27 хаас, 57 кус, 10 перепелка, 4 коза, 24 сибиинньэ оҕото, 5 убаһа, 19 куруолук, 1 ньирэй сакаастаан олорорун тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Саргылана Федорова этэр. Ону тэҥэ, бу сылга саҥа көрүҥүнэн буолар, мүөттээх ыҥырыаны иитии. Манна баҕалаахтар 53 пчелопакет сакаастаабыттар.
“Түргэнник ситэр көтөрдөрү ыам ыйын 15 күнүттэн түҥэтэн саҕалаатыбыт. Индюк чоппуускаларын былырыыҥҥы сыананан, ол эбэтэр сайаапкалаах дьон 950 солк. атыылаһыаҕа. Онтон ыам ыйын 25 күнүгэр сылын аайы ыытыллар Сааскы дьаарбаҥкаҕа сымыыттыыр кууруссалар уонна чооскулар атыыга кэлэллэрэ былааннанар. Бэс ыйын саҥатыгар бройлер, кус-хаас чоппуускаларын аҕалаллара күүтүллэр”, – диир Саргылана Васильевна.
Харысхан Попов, Нам.