22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Намҥа амбулаторнай онкологическай көмө киинэ аһылынна

Хаартыска: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Бэҕэһээ, бэс ыйын 1 күнүгэр, Нам улууһун доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр биир улахан суолталаах күн буолла. Ол курдук, Намнааҕы киин балыыһа поликлиникатыгар СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин «Саха сиригэр амбулаторнай онкологическай көмө киинин тэрийии» бирикээһигэр олоҕуран,  амбулаторнай онкологическай көмө киинэ  аһылынна диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бу кииҥҥэ диспансернай кэтэбил ыытыахтара, химиотерапия оҥоруохтара, ыарыһахтары кэтээн көрүөхтэрэ. Мантан инньэ намнар  куоракка киирбэккэ, үгүс бириэмэни, бырайыаска үбү-харчыны бараабакка,  үрдүттэн  улуустарыгар  көрдөрүнүөхтэрэ. Көмө киинэ искэн ыарыыны эрдэттэн сэрэтэргэ, булууга улахан көмө буолуоҕа.

Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин мэдиссиинискэй көмөнү тэрийии департаменын салайааччы Дьулустаан Чичахов, өрөспүүбүлүкэтээҕи  онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева аалай лиэнтэни быстылар, эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Саха сиригэр уопсайа 18 маннык киин баар буолла. Билиҥҥитэ онколог-быраас диспансернай учуотугар 245 киһи турар, олортон 23 ыарыһах химиотерапияны ылар. Бу киин үлэһиттэрэ ыарыһахтарга хаачыстыбалаах анал көмө оҥорон,  диагноз туруоран, ыарыыны эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытарга сүҥкэн көмө буолуохтара, ыарыы аҕыйыырыгар төһүү күүс буолуохтара.
Саха сирэ
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА