Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, киин балыыһа кылаабынай бырааһа Егор Григорьев Мытаахха I бөлөх инбэлиит Гаврил Сенькин дьиэтигэр сырыттылар. Кини ийэтинээн Галина Гаврильевналыын иккиэн чааһынай дьиэҕэ олороллор. Ийэтэ эмиэ II бөлөх инбэлиит.
Кинилэр ааспыт саас дьиэлэрэ толору хааччыллыбыта.
Бу маннык доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көмө оҥоһуллара олус үчүгэй. Кыһыҥҥы тымныыга таһырдьа тахсыбакка, үрдүттэн суунан-тараанан абыранныбыт. Сылаас уу мэлдьи баар, дииллэр тустаахтар.
Үлэни урбааннньыт Марина Павлова нөҥүө Артем Павлов кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык оҥорон киллэрдэ.
«Судаарыстыбаттан көрүллэр көмөнү толору туһанабыт. Иккиэн биэнсийэлээх буолан, олохпутугар тиийэр. Түгэнинэн туһанан, үлэни ыыппыт дьоммутугар, бу маннык бырагырааманы тэрийэр Ил Дархан Айсен Николаевка, улуус баһылыгар Никита Андреевка махталбытын биллэрэбит», — диэн Галина Гаврильевна долгуйан туран кэпсиир.
Гаврил бэрт эдэр сааһыгар урбаан эйгэтигэр ылсан, дьиэ тута сылдьан, үөһэттэн сууллан, сиһин эчэппитэ.
Оҕо сылдьан бэркэ тустар этэ, үөрэҕэр да куһаҕана суоҕа. Инникигэ кэскиллээҕэ.
Билигин төһө да ыарырҕаттар таах олорорун сөбүлээбэт. Уран тарбахтаах буолан кыайарынан уһанар, дьиэ ис-тас үлэтин толоро сатыыр. Сарсыарда аайы сэрээккэлиир, тренажерга дьарыктанар. Күннээҕи олохторун-дьаһахтарын балыс киһи Саргылаана билсэн, көмөлөһөн барар.
«Бэйэбэр таах олоруо суохтаахпын, хайаан да хамсаныахтаахпын диэн сорук туруорунаммын толоро сатыыбын. Душ, туалет, суунар сир баарыттан олус астына сылдьабын», — диэн Гаврил үөрүүтүн үллэстэр.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олорор усулуобуйалара тупсарыгар СӨ үлэ министиэристибэтин хайысхатынан субсидия көрүллэрэ кэрэхсэбиллээх. Маннык үлэ өссө киэҥ хабааннаахтык ыытыллан, чиҥэтиллэн иһэригэр баҕа санаа баар.
Ааптар: Вячеслав Алексеев, @silatrudagorny