Улуу Кыайыы күнүн көрсө муус устар 27 — ыам ыйын 7 күннэригэр Россияҕа «В гости к ветерану» акция ыытыллар. Саха сириттэн тэрээһиҥҥэ кытталлар: тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ, А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Саха сирин норуоттарын Ассамблеятын көхтөөх дьоно, национальнай-культурнай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна волонтёрдар.
Акция иккис сылын «ФАДН России», «Дом народов России» уонна «Национальный культурный центр «Действие»» тэрилтэлэринэн ыытыллар. Бу көҕүлээһин «СВОИ» федеральнайдааҕы бырайыак сорҕото буолар.