Муус устар 27 күнэ. 1922 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР тэриллибитэ. 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII уочарата суох сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитэ. Бүгүн — Өрөспүүбүлүкэ төрөөбүт күнүгэр — Ил Дархан Айсен Николаев История уруогун НВК «Саха» ханаалынан 12.15 мүнүүтэҕэ, Якутия24 ханаалынан 12.45 мүнүүтэҕэ ыытыаҕа.
🔹1771 сыллаахха М. Беневскэй баһылыктаах Камчатка сыылынайдара өрө турбуттар уонна былдьаабыт хараабылларынан Францияҕа күрээбиттэр.
🔹1908 сыллаахха муус устар 27 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр дылы Лондон куоракка IV Олимпиада ыытыллыбыт.
🔹1920 — Максим Аммосов Хочо улууһуттан төрүттээх Семен Иванову Иркутскайтан Саха сиригэр төннөрөр туһунан сурук суруйар. Кэлин бу киһи САССР салайаачыларыттан биирдэстэрэ буолбута, конфедералистар дьыалаларын кэнниттэн салалтаттан туоратыллыбыта, сахалартан бастакынан инженер-гидролог идэтин ылан Өлүөнэ пароходствотын начаалынньыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
🔹1922 — Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР тэриллибит — Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтоммут. Бу дэкириэтинэн Саха Сиригэр урукку Саха күбүөрүнэтин сирдэрэ, Енисей губерниятын Хатанга-Анаабыр оройуона, Киренскай уезд Өлүөхүмэ-Сунтаар буолаһа, Хотугу Муустаах акыйаан илиҥҥи кэтирээһин 84 уонна 140 кыраадыстарын ыккардыгар сытар бары арыылара уонна Камчаатка уобалаһын Охуоскай уезда киирбиттэр. Бу дьаһаныы саха чулуу дьоно М. Аммосов, Ис. Бараахап, Б. Ойуунускай туруорсууларынан ылыныллыбыта. Маны таһынан ВЯОНУ тэриллиитэ улахан суолталааҕа.
🔹1974 — хомсомуол бастакы этэрээтэ БАМ-ы тута тиийбит.
🔹1984 — Ирбэт тоҥу чинчийэр Институт дириэктэригэр Павел Мельниковка (19.06.1908—21.07.1994) Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
🔹1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII уочарата суох сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитэ.
🔹2014 сыл Дьокуускайга (Киров уулуссатыгар) Исидор Бараховка мэҥэ аһыллыбыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1933 — Арҕаа Хаҥалас улууһун (билигин — Хаҥалас улууһа) Бэһис Малдьаҕар нэһилиэгэр Василий Федоров — устуоруйа билимин дуоктара. Диссэртээссийэтин Саха сирин 1900-1917 сылларга сайдыытыгар көмүскээбитэ.
🔸1941 — саха кэпсээнньит суруйааччыта Василий Титов, Үөһээ Бүлүү Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүт.
Өлбүттэр:
🔹1480 — Фернан Магеллаан — айанньыт, Испания колонизатора, Сири төгүрүччү эргийбит бастакы Европа эспэдииссийэтин тэрийээччи (бэйэтэ айанын ситэрбэккэ, аара Мактан арыы баһылыгын илиититтэн өлбүтэ).
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_Сирэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Муус_устар_27
https://sah.wikipedia.org/wiki/Иванов_Семен_Георгиевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Лапу-Лапу
https://sah.wikipedia.org/wiki/Титов_Василий_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Фернан_Магеллаан
https://sah.wikipedia.org/wiki/ВЯОНУ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Барахов_Исидор_Никифорович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Хочо_улууһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Аммосов_Максим_Кирович
https://sah.wikipedia.org/wiki/ЛОРП
https://sah.wikipedia.org/wiki/Федоров_Василий_Игнатьевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Бэһис_Малдьаҕар_нэһилиэгэ_(Хаҥалас_улууһа)