Муус устар 16 күнэ Бикипиэдьийэҕэ нуучча сэрии сэбин конструктора Сергей Мосин уонна Бельгия техника айааччыта Леон Наган куонкуруска оҥорбут сааларыттан холбоон оҥоһуллубут саа туһунан суруллар. Итиэннэ 1931 — 1937 с.с. Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Христофор Шараборины Москубаҕа ытан өлөрүү туһунан бэлиэтэнэр.
🔹1789 — сыллаахха Тобольскайга Сибииргэ бастакы типография аһыллыбыт.
🔹1797 — Москубаҕа император Павел I коронацията буолбут.
🔹1891 — Арассыыйа императора Александр III трехлинейка диэнинэн киэҥник биллибит Мосин бинтиэпкэтэтин бигэргэппит.
🔹1894 — эрмээн төрүттээх Нубар Паша Егиипэт премьер-миниистиринэн үһүстээн анаммыт.
🔹1905 — Арассыыйаҕа бастакы профсоюз тэриллибит — Бэчээт дьыалатын оробуочайдарын идэлээх сойууһа.
🔹1934 — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа диэн бочуоттаах аат олохтоммут.
🔹1963 Аан дойдуга бастакынан куйаарга дьахтар Валентина Терешкова «Восток — 5» диэн космическай хараабылынан көппүт.
🔹2006 — Усть-Ордынскай Бурятскай автономнай уокуругу Иркутскай уобалаһыгар холбуурга референдум ыытыллыбыта.
🔹2008 — Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕынан Чайандатааҕы гаас үөскээбит сиригэр үлэлиир лиссиэнсийэни Газпром ылбыта.
🔹2011 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни биэс киһиэхэ анаабыттар: Жирков А. Н., Степанов Е. Н., Протодьяконов В. Н., Павлова В. Н., Чусовская В. А..
Төрөөбүттэр:
🔹1889 — Чарли Чаплин
🔹1910 — Дадыкин Всеволод Петрович (1910—1977), учуонай, 1952-1957 сылларга Саха сиринээҕи Наука киинин салайааччытын солбуйааччыта, онтон салайааччыта.
Өлбүттэр:
🔹1828 — Франсиско Гойа, Испания уруhуйдьута
🔹1938 — Саха АССР ВЦИК-ка бэрэстэбиитэлин Дьааҥы Дулҕалааҕыттан төрүттээх Шараборин Христофор Прокопьевиһы Москубаҕа ытан өлөрбүттэр. 1931 сыллаахтан 1937 сыллаахха диэри Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ. (Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла Павлов Николай Николаевич-Халан бу историческай чахчынан суруйбут комментарийын аллараа ааҕыҥ).
🔹1993 — Ньурба Малдьаҕарыттан төрүттээх Сафронов Михаил Григорьевич — ветеринария билимин дуоктара, профессор, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институту өр сылларга салайбыт киһи (1960—1988).
https://sah.wikipedia.org/wiki/Мосин_бинтиэпкэтэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Степанов_Ефим_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Протодьяконов_Василий_Никитич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Чарли_Чаплин
https://sah.wikipedia.org/wiki/Дадыкин_Всеволод_Петрович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Шараборин_Христофор_Прокопьевич