22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Муус үрдүнэн сылдьар суднолар айаннара Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысхатынан бу ый ортотуттан арыллыан сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Барыллаан кыраапык быһыытынан, муус устар ортотуттан Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан массыына суола сабыллар. Тырааныспар министиэристибэтигэр бэлиэтээбиттэринэн, бу кэмҥэ пассажирдары салгын тэллэхтээх суудуналар тиэйэр-таһар буолуохтара, СИА иһитиннэрэр.


««Подушкалары» бэлэмнээһин бүтэһик түһүмэҕэр тиийдэ. Суолга барыта 20 суудуна тахсыаҕа. Массыына суола сабылынна да, дьону тиэйии-таһыы саҕаланыаҕа», — СИА-ҕа тырааныспар министиэристибэтин уу уонна тимир суол департаменын салайааччыта Семен Коркин эттэ.

Кини эппитинэн, илин эҥэр кытылыгар Дьокуускай өттүттэн 202-с микрооройуон анныттан айанныахха сөп. Биэдэмистибэ бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, коронавирус инфекцията тарҕамматын туһугар ылыллар миэрэлэр бары тутуһуллуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА