23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Муосчут Көстөкүүн Маамантап үөрэх тэрилтэлэригэр оҕону илиинэн айар үлэҕэ уһуйарга ыҥырар

11:00, 26 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааттаах уус көмүс илиитинэн тыһыынчанан оҥоһук сүрэхтэнэр, кини анал уһуйуутунан сүүһүнэн муос кыһар идэлээхтэр тахсаллар. Мөркүүрүй уола билигин Арктика институтугар муоска уһуйааччынан үлэлиир. Кини үгүс оҕону бу эйгэҕэ үөрэтэн Саха сирин аатын ааттатар.

Көстөкүүн Маамантап: 

— Муоһу кыһарынан үйэ аҥаарыттан тахса сыл үлэлээтим, билигин да үлэ барар. Оҕолору үөрэтэр олус үчүгэй, кэлэр кэскил ыччаппыт биһиги үлэбитин салҕааннар, элбэх айар үлэнэн дьарыгыран бэйэлэрин сайыннараллар уонна Саха сирин, Арассыыйаны көмүскүүр соруктаахтар. Биһиги Сахабыт сирэ олус баай, ону биһиги толору туһаммаппыт, ол да иһин бары оскуолаларга, орто, үрдүк үөрэхтэргэ хайаан да илиинэн уһанар үлэни элбэхтэ үөрэтиэххэ наада. Биһиги Арктическай институппутугар үөрэх кытаанах буолан баран, уруһуйдуур, пластилины таба туһанар буоллахтарына үөрэҕи баһылыахтарын сөп. Түөрт сыллаах, маны бүтэрдэхтэринэ үрдүк үөрэхтээх дьон буолаллар, онон кэлэн үөрэнэргитигэр ыҥырабын. Манна үөрэммит оҕолор сүрэхтээх, дьулуурдаах буоллахтарына барытын ситиһэллэр, олохторугар да олус туһалаах. Билигин ханна да бардахпына уһуйбут оҕолорум үөрэ-көтө көрсөллөрө, махталларын биллэрэллэрэ миэхэ улахан дьол. Сунтаар улууһуттан бу соторутааҕыта үс кыыс үөрэнэн бүтэрэн, олус айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Билигин саха дьонугар баҕа санаам, искусствоны, оҥорон таһаарар үлэни баһылааҥ, оттон үөрэххэ киирэргэ сананар оҕолорго сүбэм, бастатан туран тус сыаллаах (целевой) миэстэҕэ направления ыытыаххытын наада, айар эксээмэн уруһуй уонна пластилинынан арааһы оҥоруу. Ону кытта нуучча тылын уонна литературатын биир кэлим эксээмэнинэн туттаран киириэххитин сөп. Бу идэ хаһан баҕарар олус наада, эһигини аһатыан-таҥыннарыан сөп. Сунтаардар кытаатыҥ, үөрэххэ киирэн үөрэниҥ, кэтэһэбит.

Муоһу ыллатар көмүс илиилээх улахан уус ити курдук сүбэтэ итинник. Билигин айылҕа матырыйаалын толору туһанан, оҥорон таһаарар хайысханы күүскэ сайыннарар кэм кэллэ.

Ситэрэн кэпсиир буоллахха, Көстөкүүн Маамантап сэлии эрэ уҥуоҕуттан буолбакка таба, тайах, туртас муоһуттан арааһы ыллатар кыахтааҕын илэ харахпынан көрдүм.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА