22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Муомаҕа "Өлбөх үйэлээх полк" сэлэлии хаамта

15:13, 09 мая 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муома оройуонун киинигэр Хонууга, икки сыллаах тохтобул кэнниттэн, Кыайыы параада үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. «Өлбөт үйэлээх полк» инники холуоннаҕа барда.

Муоматтан сэрии кыттыылаахтарын Константин, Гаврил Соркомовтар, Максим Черемкин, Петр Старков мэтириэттэрин сэргэ тыыл бэтэрээннэрин хаартыскаларын туппут оҕолор хаамаллар.

Параакка 73 саастаах Антонина Яковлевна Слепцова мэтириэт тутан иһэрин көрсөбүт. «Мин төрөппүт аҕам Иванов Яков Николаевич Үөһээ Бүлүү Тамакалаан нэһилиэгиттэн 1941 с. сайын оттуу сылдьан, от ыйыгар сэриигэ мобилизацияламмыт. Сэриигэ 1943 с. диэри кыргыһыыга сылдьан улаханнык бааһыран ити сыл дойдутугар кэлбит. Дойдутугар кэлэн оскуола, улахан кулууп туппут. Биир дойлулаахтара олус ытыктыыр киһилэрэ этэ. Бааһырыыта бэргээн, 1953 с. мин кыра 4 саастаахпар, олохтон барбыта. Баара-суоҕа 53 сааһыгар суох буолбут. Үс оҕотуттан икки уол аччык, аас-туор олохтон суох буолбуттар. Биһиги убайбын кытта тыыннаах хаалбыппыт. Сэрии диэн олус иэдээн.»

Ааптар: «Индигир уоттара» хаһыат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА