Элбэх көрөөччү биһирэбилин ылбыт «Муммуттар» киинэни устубут «Тэтим» айар бөлөх киинэ фестивалыгар кытталлар.
Продюсер Яна Байгожаева, режиссер Алексей Амбросьев олунньу 26 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри Ханты-Мансийскайга ыытыллар «Дух огня» аан дойдутааҕы 14-с фестивальга ыҥырыллан, «Россия дебюттара» куонкуруска кытта сылдьаллар.
Маннык куонкуруска улахан метражтаах «игровой киинэҕэ» аан бастаан үлэлэспит 10 режиссер хартыыната көрдөрүллэр бырааптаах. Фестивальга киинэни устубут дьон эбэтэр кылаабынай оруолу толорооччулартан биирдэстэрэ кыттыахтаах.
«Биһиги киинэ эйгэтигэр олус биллибит дьону — сценарист, кинорежиссер («Битва за Севастополь»), оператор («Изображая жертву») Сергей Мокрицкайы уонна Франция продюсерын Лорен Даниелу кытта көрүстүбүт. Мокрицкай биһиги киинэбитин көрдө. Сыыһалары, алҕастары уонна үчүгэй өрүттэри бэлиэтээн биэрдэ. Кинини Саха сиригэр ыҥырдым. Кэлиэм этэ диир. Олус сэргэх, эйэҕэс киһи эбит», — диэн Яна Байгожаева кэпсээтэ.