22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Муҥурдаахтар бырабыыталыстыбаны кытта уматык, суол уонна техника туһунан кэпсэттилэр

17:42, 05 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Правительствотын 2017 сыллааҕы үлэтин отчуота Муҥурдаах нэһилиэгэр буолан ааста. Мунньаҕы транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ, бөлөх салайааччыта Винокуров Семен Викторович арыйда. Уопсай үлэни-хамнаһы билиһиннэрдэ, былырыыҥҥы отчуокка киирбит этиилэр туолууларын кэпсээтэ.


Правительство отчуотугар кэлбит дьон нэһилиэнньэни долгутар араас хайысхалаах боппуруостарга сөптөөх эппиэт ылан, актыыбынай кэпсэтии таҕыста. Отчуоту истэ кэлбит 56 киһи бырабыытылыстыба үлэтин биһирээтэ. Отчуот кэннэ правительство салайааччыларын кытта биирдиилээн көрсүһүү буолла. Манна 11 киһи сырытта.

Мунньахха бастакынан хочуолунай маастара Ребров В. В. техника боппуруоһун таарыйда. «Саҥа хочуолунайга киирбиппит 6-с сыла буолла. Ол тухары техниканан эрэйдэннибит. Бу боппуруоска хаста да туруорустубут. Биһиги кыра техникабыт МТЗ-82 чохпутун кыралаабыт, күн аайы алдьанар, өрөмүөн көмөтүнэн эрэ сылдьар. Эһиил үлэлиир кыаҕа суох», — диэтэ кини.

Семен Винокуров:

— Хоту нэһилиэктэргэ элбэх сиргэ сылдьыбытым. Ол эрээри киин ититиигэ дьиэ барыта холбонон турар нэһилиэгэ аҕыйах. Онон бу улахан үөрүүлээх ситиһии буолар. Улуускут, нэһилиэккит баһылыктара техниканы күүскэ туруорсаллар. В.В. Омуковка баһылыккыт Олег Петрович киирэ сылдьан кэпсэтии ыытан турар.

Бу боппуруоска эппиэти ОДьКХ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Юрий Садовников салгыыр: «Техниканы лизинг нөҥүө ылыы программата баар. Өскөтүн ол биһирэннэҕинэ, Абый улууһугар биэс техника бэриллиэхтээх, ол иһигэр эһиги нэһилиэккитигэр».

Улууска саамай үчүгэй үлэлээх хочуолунайдаах курдукпут да элбэх боппуруос бу салааҕа киирдэ. Кэлбит чоҕу хаартан, ардахтан харыстыырга аныгы сабыылаах тент оҥоһуллуон сөп дуо? Хамнас үрдүө дуо уо.д.а. ыйыталастылар.

Юрий Садовников:

— Республика үрдүнэн хочуолунай боппуруостарыттан биэрэр ыйытыктартан эһиэнэ таһымынан үрдүк эбит. Маны үөрэтиэхпит уонна быһаарыы ылыахпыт.

Ребров В.Г:

— Туох былааннаах бизоннары иитэллэрий?

Яков Заровняев, айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта:

— Норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак быһыытынан Канадаттан 2006 с. Саха сиригэр 30 төбөнү буор-босхо ыыппыттара. Билигин 180 төбө буолла. Бизон сэлии кыыл үйэтин саҕанааҕы буолар. Кинини цивилизация эһэр. Канадецтар 17 тыһ. төбөттөн 4,5 тыһыынча төбө оҥордулар. Хайа баҕарар кыыл-сүөл биир материкка турдаҕына, эстиэн сөп. Ол иһин урукку сылдьыбыт сиригэр үөрэтэ диэн ыыппыттара. Сотору 4-с партия кэлиэ. Сэтинньи ый иннинэ 30 төбө ыытылынна. Түргэнник ситэр кыыл. Босхо ыытыллааччылар 800 кг курдук ыйааһыннаахтар. Кыһыл кинигэҕэ киирбитин быһыытынан, этин аһылык оҥостор көҥүллэммэт.

Зырянов Н. В.:

— Биһиги нефтебаазабыт нэһилиэктэринэн массыынанан уматык тоҕо таспат буолла? Транспортнайа ыараханыттан дииллэр, ону ким сааһылыахтааҕый?

Надежда Филиппова, СР үп-харчы миниистирин солбуйааччыта:

— Бастакытынан манна баар эһиги АЗС-кыт бензини хааччыйар ирдэбиллэргэ сөп түбэспэт. АЗС үлэҕэ киллэрэр буоллахха, балансаҕа кимиэхэ да турбат. Иккиһинэн, “Саханефтегаз” бэйэтин балансатыгар ылар кыаҕа суох. «Уматыгы тааранан» бырайыагы бу Саха сиригэр “Саханефтегазсбыт” бэйэтин үбүнэн үбүлээн олорор. Киниэхэ харчы бэриллибэт. Кини сыала-соруга ГСМ-ы сайыҥҥы уу суолунан аҕалан баран атыылыыр. Нэһилиэктэринэн тарҕатар буоллаҕына, суол ороскуота онно эбиллэр. Мин санаабар, бу бары өттүнэн табыгастаах. Массыынанан емкоска таһар ночооттоох дьыала. Бензин төһө өр турар да соччонон көтөн хаалар. Онон бодоччуоттаах ороскуоту көрсөр. Онон, биирдэ таара атыылаһан баран, ону туттар саамай табыгастаах көрүҥ буолан турар. Бүппүт таараны туттараҕыт уонна саҥаны ылаҕыт. «Ыраас уу» курдук бириинсиптээх. Бу бырайыак үлэлээбитэ 4-с сылыгар барда. Манан салгыы дьарыктаннахха, ГСМ боппуруоһа уһуллуон сөп.

Куликова А. А.:

— Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 23000 солк. буоллаҕына, 15000 пенсиялаах киһиэхэ туох оруолу оонньууруй? Онкология ыарыы кэннэки сылга олус элбээтэ, улуус киинигэр кэлэр да буоллахтарына, сатаан киирэн көрдөрбөппүт. Тоҕо бу ыарыы сытыырхайда, үөрэтиллэр дуо? Вертолекка субсидия көрүллэр дуо? Водовозкаҕа олус наадыйабыт. ОДьКХ киэнэ олус эргэрдэ, суоппардар сатаан оҥостор дьон буолан сылдьаллар.

Никулина А.Н. “Дороги Арктики» тэрилтэ үлэтигэр, транспорт боппуруостарыгар, дьоҕус авиацияҕа төһө самолет баара, улуустарга бэриллэр дотация туһунан боппуруостары туруорда.

Улуус кииниттэн сытар саамай ыраах нэһилиэк тыын боппуруоһунан суол буолар. Быйылгы дьылга ордук ыараханнык ыалдьар дьон, оҕо-дьахтар кытта буранынан сылдьарга күһэлиннилэр, онон бу боппуруостар ордук «Дороги Арктики» үлэтигэр, кадрдарыгар туһуланан сытыытык турдулар.

Ефимов А. К., ДЭС начальнига:

— Саҥа станция тутуллар территориятын хаачыстыбатыгар кыһалҕалар бааллар. Аллараа быраҕыллыбыт турба үрдүнэн перегной кутуллубут буолан, баһаарынай өттүнэн сөбө суох курдук көрөбүт. Станция үлэтин кыамтатыгар (Пиковайа 210 турар) Каменскай туруохтаах.

Ефимова Н. С.:

— Ууга барбыт дьиэлээхтэр саҥа дьиэ туталларыгар ИЖС программатынан квота бэриллиэн сөп дуо, көмө бэриллибит харчы оннугар тутуу материала буолуон сөп дуо?

Дохунаева М. А.:

— Ууга барар буолбуппут 15 сыл буолла. Ол эрээри дьиэбит сыбаайаҕа турар буолан, дьиэ иһигэр киирбэтэҕэ. Онон хоромньуга киирбиттэргэ докумуон быһыытынан ханна да киирбэппит. Оҕуруот, теплица барыта хаалла. Кирилиэспитин эрэ бас билинэн хааллыбыт. Маннык балаһыанньаҕа көмө баар буолуон сөп дуо? Кырдьаҕастарга уопсай дьиэ тутуллуон сөп дуо? 47 сыл учууталынан үлэлиибит эрээри ханнык да программаҕа киирсибэппит. Оттон атын сиртэн кэлэн 5 сыл үлэлээн барбыт оҕо дьиэлэнэн хаалар. Саатар олохтоох оҕолорго оннук көрүллэрэ буоллар, эдэр ыччат олохсуйуо этэ.

Соломов Е. С.:

— Докумуон барыта электроннайдык оҥоһуллар кэмигэр интернет хаачыстыбата олох мөлтөҕүттэн үлэҕэ атахтаныы баар. Ыраах олорорбут да быһыытынан интернекка наадыйабыт. Бэрдьигэстээх күөлгэ объезд оҥоһуллуо диэбиттэрэ. Ол кыаллар дуо?

Ефимов М. М.:

— Оскуола аатыттан көмөҕүт иһин махтанабыт. Саҥа массыыналанныбыт, былырыын кабинет биэрбиттэрэ, үлэни биһириибит.

Олег Корякин, нэһилиэк баһылыга:

— Бырабыытылыстыба отчуота кэлэн, кыһалҕабытын билэн-көрөн барара үчүгэй, бэйэбититтэн тутулуктаах эмиэ олус элбэх. Правительство биэрбит сорудаҕын толорбокко олорон куруук тугу эрэ көрдүүр сатаммат курдук. Барыта биир хонугунан сатаммат. Саха сиригэр 400-тэн тахса нэһилиэнньэ барыта араас кыһалҕалаах, ол иһигэр биһигини умунубаттарыгар махтанабыт. Үлэҕитин биһириибит.

Семен Викторович Винокуров:

5 сыллааҕыта кэлэ сылдьан, олус позитивнай дьонноох-сэргэлээх нэһилиэк диэн бэлиэтээбитим бэйэбэр. Бүгүн объектарга сылдьан баран, хас биирдиилэрэ ыраас, өрөмүөннээх диэн бэлиэтээтибит. Хаһаайыстыбанньык дьон тутан олороллорун көрдүм. Олус үчүгэй музейдааххыт. Балыыһаҕыт иһигэр кытта филиаллааҕын сөхтүм. Балыыһаҕа музей баарын бастакы көрүүм буолар. Эһиги нэһилиэккититтэн элбэх киһи тахсыбыта биллэр. Ол дьону үйэтитэр үлэлэр бараллара олус үчүгэй. Ыраах сытар нэһилиэнньэлэргэ биһиги өттүбүтүттэн көмө куруутун баар буолуо. Кадрдарынан хааччыллан олороҕут, социальнай объектаргыт барыта үлэлииллэр. Өссө төгүл доруобуйаны, ситиһиилэри баҕарабыт. Ирэ-хоро кэлэн кэпсэппиккитигэр махтанабыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА