Москва куоракка баар академик Л.К. Эрнст аатынан Федеральнай сүөһү иитиитин научнай чинчийэр институт киинэ (ВИЖ) саха боруода сүөһүтүн үөрэтиэ. От ыйын 10 күнүгэр дойду тэбэр сүрэҕэр – Москуба куоракка Горнай улууһун “Кылыс” сайылыгыттан 6 тыһы саха боруода сүөһүтэ массыынанан айаҥҥа турунна. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
Санатан эттэххэ, бу дьыл ыам ыйын 15 күнүгэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ Александр Артемьев Академик Л.К. Эрнст аатынан Федеральнай сүөһү иитиитин научнай чинчийэр институтун киинин (ВИЖ) дириэктэрин Наталия Зиновьеваны кытта дуогабар түһэрсибитэ.
Ол курдук аан дойдуга иитиллэн турар араас боруода дьиэ сүөһүлэриттэн — саха төрүт сүөһүтэ олох дэҥҥэ көстөр ураты генофонд быһыытынан хаачыстыбаларын (тымныыны тулуйар, хаанын састаабын, кыра аһылыгынан элбэх бородууксуйаны биэрэрин, ыарыыга ылларбатын, туйаҕа бөҕөтүн, үүтүн (хойуутун, элбэх туһалаах эттиктэрин), мраморнай этин састааптарын, дьон доруобуйатыгар туһатын уонна атын культурнай боруода селекциятыгар, генетикаҕа, доруобуйа харыстабылын наукатыгар туһанарга дириҥник чинчийэн үөрэтиэхтэрэ.
Маны сэргэ Ил Дархан 2018 сылга таһаарбыт 232 нүөмэрдээх “Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбата сүрүн сайдыытын хайысхаларын” Ыйааҕын олоххо киллэрэр сыалтан уонна Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 уонна бөдөҥ политическай деятель М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сыллаах Өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин көрсө саха сүөһүтүн селекционнай-племенной үлэни тупсарар уонна киниттэн ылыллар үүт, эт бородууксуйатын састаабын үөрэтэр сыаллаах Дьокуускайдааҕы тыа хаһайыстыбатын научнай чинчийэр института уонна Нам улууһун администрацията Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэр 2022 сылга “Саха сүөһүтүн киинэ” научнай стационар тутуутун үлэлэрин саҕалаатылар.
«Бу “Саха сүөһүтэ” генофонда хааһына тэрилтэтэ төрүт саха боруода сүөһүбүт сайдарыгар уонна Аан дойдуга тарҕана турар араас сыстыганнаах ыарыылартан дьон аймах доруобуйатын харыстыырга араас кутталлаах дьайыылартан көмүскүүр сыалтан – баар усулуобуйаҕа сөп түбэһэр боруода ынах сүөһүлэртэн (адаптация) оҥоһуллубут экологическай ыраас, киһи этин–хаанын бөҕөргөтөр, чэбдигирдэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйар сыаллаах, научнай төрүккэ олоҕурбут улахан кэскиллээх үлэни саҕалаабыттара бүгүн олох ирдэбилэ буолара саарбаҕа суох», — диэн «Саха сүөһүтэ» генофонднай тэрилтэ Олег Марков этэр.