22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Москва туонатыгар олоҥхолоон доллоһуттулар

11:02, 29 ноября 2023
Текст:
Хаартыска "Саха сирэ" саайтан ылылынна
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Москваҕа «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа Саха сирин павильонугар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара олоҥхону толордулар, суруйда «Саха сирэ» сайт.

Биллэр олоҥхоһут, СӨ үтүөлээх артыыһа Валентин Гаврильевич Исаков бэйэтэ айбыт «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхотун уонна Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны толордо.

Оттон СӨ култууратын туйгуна Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр Н.П. Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотуттан уонна Шараборин-Кумаров «Дуо Бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыылары толордо, кылыһахтаах кэрэ куолаһынан тойук туойан намылытта.

Ону тэҥэ, Василина Баланова быыстапка кыттааччыларыгар, баҕалаах дьоҥҥо олоҥхону олохсуйбут төрүт үгэһинэн  толорорго маастар-кылаастары ыытта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА