Мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэ 16 оройуонугар 35 тыһ. туонна оту бэлэмнээтилэр. Бу туһунан СИАҕа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Иннокентий Мярин иһитиннэрдэ.
Биригээдэлэр ыраах сытар сирдэргэ үлэлииллэр. Кураан, баһаар туран быйыл от хампаанньата уустук.
Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү кыстык аһылыгын төһө кыалларынан өрөспүүбүлүкэ иһигэр бэлэмнэнэри эппитэ.