Мишустин ОДьКХ үлэтин олохтоох былаастар оһуобай хонтуруолга тутуохтаахтарын эттэ

Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин пандемия кэмигэр ОДьКХ үлэтэ чуолкай буолуохтааҕын эттэ. Олохтоох былаастар бу эйгэни оһуобай хонтуруолга тутуохтаахтар диэтэ, СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.


«Бу ыарахан кэмҥэ ОДьКХ эйгэтэ тохтоло суох үлэлиирэ олус суолталаах. Сударыстыбаннай былаас уоргаттара, олохтоох бэйэни салайыныылар маны хааччыйыахтаахтар«, — диэн Михаил Мишустин ЛДПР фракциятын салалтатын кытта мунньахха эттэ.

Миниистирдэр каьинеттарын салайааччыта: «Дьон билигин дьиэтигэр хаайтаран олорорунан, электроуот, уу, ититии тохтоло суох бэриллиэхтээх». Кини саахал тахсар түгэнигэр, ол тута суһаллык туоратыллыахтааҕын эттэ.

Сиһилии https://ysia.ru/mishustin-prizval-vlasti-vseh-urovnej-vzyat-na-osobyj-kontrol-rabotu-zhkh/

This post was published on 09.04.2020 17:08 17:08