22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мишустин COVID-19 кэмигэр быраактыкаланар медик-устудьуоннарга төлөбүр оҥорору эттэ

16:02, 03 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Премьер-миниистир Михаил Мишустин медик-устудьуоннарга анал социальнай төлөбүрү аныыры эттэ. Кинилэр коронавирус дьаҥа тарҕаныытын кэмигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр көмөҕө кэлэллэр. Бу сыалга 1,1 миллиард солк тыырылынна, суруйар Российская газета.


Төлөбүрдэр сэтинньи уонна ахсынньы ыйдарга үлэлээбиттэргэ көрүллүөҕэ. Бэрэсидьиэн сорудаҕынан, үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара ый аайы 10 тыһ солк, оттон ортоҕо үөрэнээччилэр — сэттэ тыһыынча солк.

Сэтинньи ыйдааҕыны — ахсынньыга тиксэриэхтэрэ, ахсынньытааҕыны — сыл бүтэһик үлэтин күнүн баттаһа ыытыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА