Татарстан президенэ Рустам Минниханов Казаҥҥа VIII Россиятааҕы татар тылын уонна литературатын учууталларын съеһигэр Саха сирин туһунан эттэ. Кини бэлиэтээбитинэн, сахалар Ыһыахтарын кэнниттэн Сабантуй тэрээһинин туһунан киниэхэ саҥа көрүүлэр үөскээбиттэр.
Минниханов тылларын СИА «Татар-информ» сигэнэн суруйда.
«Соторутааҕыта Саха сиригэр Татарстан күннэрин ыыттыбыт. Биһиги санаабытыгар элбэҕи оҥоробут, сөптөөхтүк, сатыыбыт, ити эрээри сорох хайысхаларга биһиги өссө элбэҕи үлэлиирбит наада», — диэтэ Минниханов мунньахха.
Президент Сабантуй ис суолтатын толорон биэрии наадатын эттэ. «Саха сиригэр Ыһыах диэн национальнай бырааһынньыктаахтар. Биһиги Сабантуйбутугар майгылыыр. Кинилэргэ ол Ыһыахтарын ис суолтата олус дириҥ, баай. Национальнай тыллара, үгэстэрэ өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит. Оттон Сабантуй ырыа уонна спорт бырааһынньыгар кубулуйан эрэр. Уратыбыт, былыргы үгэстэрбит сүтэн эрэллэр. Сахалар бырааһынньыктарын кэнниттэн миэхэ Сабантуйу ыытыы тэрээһинигэр саҥа көрүүлэр үөскээтилэр», — диэтэ Рустам Минниханов.