Кэлэр сылтан хамнас алын кээмэйин (МРОТ) 13,6 тыһ солк быһар туһунан этилиннэ. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин кабмин мунньаҕар иһитиннэрдэ, ТАСС суруйар.
Михаил Мишустин эппитинэн, маннык быһаарыы Россия үс мөлүйүөнтэн тахса олохтооҕун хамнаһын үрдэтиэҕэ.
2021 сыллааҕы МРОТ 12 792 солк тэҥ.
Ааспыт сыл бүтэһигэр президент Владимир Путин хамнаһы ааҕыыга саҥа методиканы киллэрэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онно олоҕуран билигин «потребительскай корзинанан» буолбакка, «медианнай дохуотунан» оҥоһуллар.