Кини олоҕор сыаллаах-соруктаах, баҕарбытын барытын толорор, ситиһэр, уратыны, интэриэһинэйи уонна КӨҤҮЛҮ сөбүлүүр. Михаил Батюшкин – аныгы кэм киһитэ.
Саха эстрадатыгар «Дохсун» бириэмийэни кини төрүттээбитэ, Дьокуускайга элбэх эстраднай кэнсиэртэри, араас таһымнаах бырайыактары оҥорбута. 2016 сыл күһүнүгэр Михаил Москваҕа көспүтэ, саҥа идэҕэ үөрэммитэ, билигин онно олорор, үлэлиир. «Дохсун» бириэмийэ туттарыытын хас сыл аайы тэрийэн кэлбит буолан үгүс дьон хаһан буоларын кэтэһэр, холобур, былырыын тэрийбэтэҕэ. Оттон бу сотору кэминэн олох да «Дохсуну» сабабын, тохтотобун диэн соһутта…
Кулун тутар 24 күнүгэр Саха театрыгар «Дохсун» бириэмийэни туттарыы уонна бу тэрээһини букатын түмүктүүр долгутуулаах дьоро киэһэ ыытыллаары турар. Манан сибээстээн Михаил Москваттан көтөн кэлэн тэрээһин боппуруостарыгар сүүрэ-көтө сылдьар. Төһө да күн иллэҥэ суох сырыттар, миэхэ эрэдээксийэҕэ киирэ сылдьан интервью биэрдэ.
– Михаил, сандал саас кэлбитинэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу кулун тутар ыйга эн сүрдээх улахан тэрээһин оҥороору сылдьаҕын. «Дохсун» бириэмийэ туттарыытын үгүс дьон таптыыр, кэтэһэр. Туох санааттан бу бириэмийэни соһуччу тохтотон эрэҕиний?
– Махтал буоллун, эйэҕэс эҕэрдэҕэр! «Дохсун» — мин төрөппүт оҕом кэриэтэ. Мин кинини өр кэмҥэ толкуйдаан, сыымайдаан, ырытан баран олоххо киллэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан эстрада сулустарын, киин ханаалга көстөр «Золотой Граммофон» бириэмийэни олус сэҥээрэрим. Кэлин «Этигэн Хомус» баар буолбута. Устудьуоннуур сылларбар режиссер Евгений Охлопковка көмөлөһөөччүнэн сылдьыбытым. Элбэх кэнсиэртэри тэҥҥэ тэрийбиппит. Аан бастаан «Дохсуну» 2012 сыллаахха «Триумф» спортивнай комплекс дьиэтигэр оҥорбутум. Режиссерум Анджела Качановская. Наһаа өр бэлэмнэнэн, долгуйан туран олоххо киллэрбитим. Мин санаабар, бастакы холонууга хата олус табыллыбыта. Ол кэнниттэн быыстала суох 2016 сылга диэри тэрийэн кэлбитим. 2016 сылга Опера уонна балет театрыгар 5 сыллаах үбүлүөйүн тэрийбитим. Былырыын буолбатаҕа, онтон быйыл букатын тохтоторго сананным. Ол гынан баран хайдах эрэ уратытык, дьон өр кэмҥэ өйдүү-саныы сылдьарын курдук чаҕылхайдык оҥоруохпун баҕарабын. Ол туһуттан бу күннэргэ Москваттан көтөн кэлэн сүүрэ-көтө сылдьабын.
– Быйылгы «Дохсун» уруккулартан туох уратылааҕый? Көрөөччүлэри туох саҥа, интэриэһинэй күүтэрий?
– Билигин кыттыахтаах артыыстар бары бэлэмнэнэ ахан сылдьаллар. Бастакы сылларга ырыаһыттар үксүн фонограмманан ыллаабыт эбит буоллахтарына, быйылгы тэрээһин уратыта диэн, тыыннаах музыканан, инструменнарга доҕуһуоллатан ыллыахтара. Ону таһынан саамай-саамай бастыҥ уонна чаҕылхай номинаннарбытын кытыннарыахпыт. Хас биирдии ырыаһыт саамай биллэр «хит» ырыаларын толоруохтара.
– Михаил, 2016 сыллаахха эн соһуччу Москваҕа барбытын… Арассыыйа саамай улахан, киин куоратыгар олорор хайдаҕый?
– Ити сыл күһүнүгэр үөрэнэр, сайдар уонна олохпун уларытар сыалтан Москвага көспүтүм. Аан бастаан тиийэн баран биир сыл музыкальнай продюсер идэтигэр үөрэммитим, онтон салҕыы үлэлии хааллым. Мин билигин ханнык да тэрилтэҕэ исписэлииһинэн үлэлээбэппин. Бэйэм сөбүлүүр дьыалабынан дьарыктанар предпринимательбын. Бу олоххо мин саамай сөбүлүүрүм – көҥүл уонна кимтэн да тутулуга суох буолуу. Ол эбэтэр, бэйэм-бэйэбэр сылдьан үлэлиибин, араас тэрээһиннэри, бырайыактары оҥорон олоххо киллэрэбин. Дьокуускайбын кытта сибээспин быспаппын. Манна мин элбэх доҕотторум, атастарым, чугас аймахтарым олороллор. Кэмиттэн-кэмигэр тэрээһиннэри оҥоробун. Онтон саха киһитэ Москваҕа олороро хайдаҕый диэтэххэ, барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Биллэн турар, бу улахан мегаполиска киһи эрэ барыта бэйэтин булбат. Туһунан уустуктар ханна барыахтарай? Арай сөбүлүүр үлэлээх уонна дьиэлээх-уоттаах буоллахха, киһи олоруон сөп. Аан бастаан кэллэххэ, Москва киһини хайаан да тургутан көрөр. Бу киһи уустуктары тулуйар дуу, суох дуу диэн бэрэбиэркэлээн көрөр. Онон сыаллаах-соруктаах, үлэһит, киириилээх-тахсыылаах буолуохха наада.
– Москваҕа элбэх саха олорорун истэбит. Төһө билсэҕитий, түмсэҕитий?
– Бүгүҥҥү күҥҥэ сыыппара этэринэн, уопсайа 5000 тыһыынча саха олорор дииллэр. Элбэх саха үөрэнэр, үлэлиир. Мин онно тиийэммин сахалары кытта син билистим, түмсэр да дьон бааллар.
– Михаил, эн Арассыыйа эстрадатын ырыаһыттарын кытта үлэлиигин. Дьокуускайга номнуо хас да бырайыагы оҥордун…
– Мин билигин ордук «Рефлекс» белех солистката Ирина Нельсоны кытта чугастык билсэбин. Былырыын кинини Дьокуускайга иккитэ аҕала сырыттым. Ороһооспо бырааһынньыгар Опера уонна балет театрыгар уонна саас «Триумфка» уопсай кэнсиэркэ кыттыбыта, сарсыныгар «МиксХолга» семинар ыыппыта. Ону таһынан «Тату» бөлөх солистката Лена Катина, ырыаһыттар Надежда Грановская уонна Света кэнсиэртэрин тэрийдибит. Салҕыы өссө да атын бырайыактар баар буолуохтара диэн эрэнэбин.
– Михаил, «инстаграмҥа» эн страницаҥ олус интэриэһинэй. Киһи санаатын көтөҕөр суруктары таһаараргын олус сэргиибит. Интэриниэт ситимигэр күҥҥэ төһө элбэх бириэмэни аныыгыный?
– «Инстаграмҥа» @dohsun889 диэн страницалаахпын. Манна мин күннээҕи сонуннарбын, ханнык тэрээһиннэргэ сылдьыбыппын, ардыгар бэйэм санааларбын үллэстэбин. Интэриниэккэ аһара күнү быһа олорбоппун, ол гынан баран күн аайы син биир киирэбин, тугу эмит таһаарабын, сонуннары ааҕабын. Билигин ордук «сториз» уста сатыыбын.
– Бэйэҥ ис туруккар, доруобуйаҕар хайдах сыһыаннаһаҕын? Спордунан дьарыктанаҕын дуо?
– Москваҕа күммүн-дьылбын, бириэмэбин сөпкө сааһыланан сылдьабын. Аспын-үөлбүн көрүнэбин, битэмиин иһэбин, медитация, мантра ааҕабын, йоганан дьарыктанабын. Бу мин ис турукпар, өйбөр-санаабар олус көмөлөһөр. Доруобуйаҕын эдэргиттэн көрүнэр буоллаххына, чэгиэн-чэбдик сылдьаҕын, үлэлиирин күүһүрэр, күүс-сэниэ, эниэргийэ киирэр.
– Харчыга сыһыаныҥ хайдаҕый? Хайдах туттаҕын, ордук туохха барыыгын?
– Хаһан баҕарар харчыга холкутук сыһыаннаһыахха наада, аһара көҥөс эбэтэр ымсыык буолар туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Харчы диэн кэлэр-барар, эргийэ сылдьар. Эбэтэр аһара туттубакка «сытыта» сыһыарар соччото суох дии саныыбын.
– Олоххо девиһиҥ тугуй?
– «Туох баар үчүгэй иннибэр!» диэн этиини сэҥээрэбин. Ону таһынан туох эмит куһаҕан буолар түгэнигэр «Үөрүү дорообо!» диибин. Ол аата туох баар куһаҕаҥҥа син биир үчүгэйи булан көрө сатыыбын. Ханнык баҕарар киһини: өстөөҕү, илин-кэлин түсүһэр киһигин доҕоргун о.д.а. барытын Таҥара үөһэттэн ыытар.
– Үлэҕиттэн быыс булан иллэҥ кэмҥэр ордук тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүн?
– Ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Москваҕа кинигэ маркеттарыгар элбэхтик сылдьабын. Электроннай кинигэтээҕэр кумааҕы кинигэни быдан ордоробун.
– Михаил, интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Туох баар былааннарын, баҕа санааларын барыта туола турдуннар!