Госдуума РФ гражданствотын ылыан баҕалаах омук гражданнарын байыаннай учуокка турары эбээһинэстиир сокуону ылынна. Докумуону пааспары биэриини кытта тэҥҥэ оҥоруохтара. Сокуон биир санаанан от ыйын 31 күнүгэр ылылынна. Бары фракциялар депутаттарынан оҥоһулунна, спикер Вячеслав Володин салайда, суруйар «Парламентская газета».
Сокуоҥҥа олоҕуран, мигрант РФ гражданина буоларыгар байыаннай комиссариакка тиийэн учуокка туруохтаах. ИДьМ электроннай көрүҥүнэн саҥа гражданнар тустарынан информацияны ыытыахтаах. Ирдэбили толорботоҕуна «гражданствотыттан» матыан сөп.
Госдуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ирина Яровая эппитинэн, бу ирдэбил Россия сокуоннарыгар уонна үгэстэригэр убаастабыллаах сыһыаны үөскэтэр уонна дойду туһугар сулууспалыырга бэлэмин биллэрэр.