“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн нэһилиэнньэ искэн ыарыытыттан өлүүтүн аҕыйатыы буолар. Онуоха “Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак ылыныллыбыта, диэн суруйар edersaas.ru
Саха сиригэр национальнай бырайыактары үбүлүүргэ 317,9 миллиард солкуобай көрүллэр. Ол иһигэр, федеральнай киинтэн 243,1 миллиард, өрөспүүбүлүкэттэн 65,3 миллиард солкуобай бэриллэр. Бырайыак быһыытынан, Арассыыйаҕа искэнтэн, ол иһигэр кутталаах искэнтэн (злокачественнай), өлүү аҕыйыахтаах.
2024 сылга поликлиникаларга 420-тэн итэҕэһэ суох амбулаторнай-онкологическай киин баар буолуоҕа, эрэгийиэннэргэ 160 диспансер уонна балыыһа саҥа тэриллэринэн хааччыллыаҕа. Ону сэргэ, аныгы ньымаларынан ыарыыны быһаарарга уонна бэрэбиэркэлииргэ көмөлөһөр 18 референс-киин нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥөлөрү оҥоруо.
САҤА ТЭРИЛЛЭР ХААЧЫСТЫБАНЫ ТУПСАРАЛЛАР
2019 сылга “Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак чэрчитинэн, тустаах балыыһаларга үрдүк технологиялаах аныгы тэриллэр бэриллэннэр, уодаһыннаах ыарыыны эрдэттэн быһаарыы, эмтээһин хаачыстыбата уонна таһыма биллэ үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансеры ылан көрдөххө, 2019 сыллаахха үс анализатор бэриллибитэ. Оттон эпэрээссийэҕэ туһаныллар монитордар анестезиологическай гаас мунньуллуутун, хаан баттааһынын бэрэбиэркэлииллэр. Ону сэргэ, экспиэр-кылаастаах көһөрүллэ сылдьар УЗД-аппараат эмиэ исписэлиистэр үлэлэрин чэпчэтэргэ, ыарыһахтар бириэмэлэрин харыстыырга туһаттан атыны аҕалбата саарбаҕа суох.
Ахсынньыга диспансерга искэн ыарыытын эмтээһин хаачыстыбатын тупсарар саҥа тэриллэр баар буолбуттара эмиэ үөрүүлээх түгэн этэ. Аныгы тиэхиньикэнэн биллэр икки видеоэндоскопическай тэрил эпэрээссийэни үүтэ суох оҥорорго көмөлөһөр. Ону сэргэ, искэни суох оҥорорго радиочастоталаах термообилятор уонна эпэрээссийэ кэмигэр туттуллар HD-хаачыстыбалаах видеокамералардаах, күлүк түһэрбэт сырдатар тэриллэр баар буоллулар. Бу тэриллэр Германияҕа уонна Эмиэрикэҕэ оҥоһуллубуттар.
Диспансер хирурдара маннык тэриллэргэ үлэлииргэ идэни үрдэтэр куурустарга, ол иһигэр Япония Токио куоратыгар искэни эмтиир кииҥҥэ, үөрэннилэр.
2020 сылга диспансерга өссө биир видеоэндоскопическай комплекс уонна эттиктэри скальпела суох быһар электрохирургическай үнүстүрүмүөннэр ылыллыахтара. Онон, быйылгыттан биэс эпэрээссийэлиир хос бэһиэн бэйэлэрэ тиэхиньикэлээх буолуохтара. Искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансер кылаабынай бырааһа Лена Афанасьева “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан 180 мөлүйүөн суумаҕа аныгы тэрил атыылаһыллан, мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбата тупсубутун СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) ыытыллыбыт парламент чааһыгар бэлиэтээбитэ.
2024 сылга диэри 700 мөлүйүөн солкуобайга саҥа тэриллэри атыылаһыы былааннанар. Национальнай бырайыагы олоххо киллэриинэн, кэнники икки сылга эмтээһин үрдүк технологиялаах көрүҥнэрин (ол иһигэр, араас эпэрээссийэ, эминэн терапия уонна сардаҥалаах терапия) ахсаана элбээтэ.
АНАЛ КИИННЭР ЭЛБИЭХТЭРЭ
“Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак былааннарыгар сөп түбэһэн, улуустарга онкологияҕа амбулатория көмөтүн кииннэрэ аһылыннылар. Онон, маннык кииннэр тоҕус эмтиир тэрилтэҕэ (Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатыгар, Дьокуускай куорат 2 уонна 3 нүөмэрдэрдээх балыыһаларыгар, куораттааҕы медиссиинэ киинигэр, Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Мииринэй, Ньурба улуустарын киин балыыһаларыгар) аһылыннылар. Амбулатория кииннэрэ 2020 сылга Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Покровскайга, Өлүөхүмэҕэ эбиллиэхтэрэ.
ДИСПАНСЕР ИККИС УОЧАРАТА
Симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар поликлиникалаах, 180 куойкалаах балыыһалаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансер иккис уочаратын тутуу 2020 сылтан “Доруобуйа харыстабыла” бырайыактан үбүлэниэҕэ. Бу иннинэ эбийиэк өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар тутуллубута, былырыын эбийиэк бастакы уочарата – 30 куойкалаах радиология отделениета аһыллыбыта.
ОТТОН ӨЛҮӨХҮМЭҔЭ
Олунньу 18 күнүгэр Өлүөхүмэ куоракка көмпүүтэр томографиятын кэбиниэтэ аһылынна. Саҥа кэбиниэт улуустааҕы Киин балыыһа “В” блогун бастакы этээһигэр үлэлиэҕэ. Томографка үлэлииргэ анаан, рентгенолог-бырааһы уонна лабарааны үөрэттилэр. 2020 сылга киирэн баран, исписэлиистэр номнуо 50 киһини саҥа аппараакка уһуллулар. Анаан үөрэммит исписэлиистэр көмпүүтэрдээх томографияҕа үлэлииргэ үөрүйэхтэнэн эрэллэрин, бу ньыма суолтатын бары өйдөөбүттэрин уонна, кылаабынайа, эмтэнээччилэр ыарыыларын хойутаабакка, кэмигэр быһаартарар кыахтаммыттарын астына кэпсээтилэр. Улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Марфа Бурцева эппитинэн, сотору кэминэн онкологияҕа амбулатория көмөтүн киинэ аһыллыаҕа. Оччотугар Өлүөхүмэ олохтоохторо Дьокуускайга кэлэ сатаабакка эрэ, үрдүк таһымнаах көмөнөн миэстэтигэр туһаныахтара, мэдиссиинискэй өҥө хаачыстыбата тупсуоҕа.
Источник: http://edersaas.ru/rd-k-tehnologiya/