Миниистирдэр кабинеттарын салайааччыта Михаил Мишустин быраастар уонна медицина орто персоналын хамнастарыгар 18,3 млрд солк тыырар туһунан дьаһалга илии баттаата. Докумуон анал сайтка таҕыста.
Харчы булгуччулаах медицина старховкалааһын федеральнайдааҕы фондатыттан көрүллэр.
Кулун тутар 5 күнүгэр буолбут мунньахха премьер эппитинэн, бырабыыталыстыба харчыны медицина тэрилтэлэригэр саҥа исписэлиистэри көҕүлүүргэ анаан, хамнас фондатын үрдэтиигэ тыырда, диэн суруйар Парламентская газета.
Маны сэргэ, 1,2 миллиард солк ФОМС-тан онкологиянан ыалдьыбыттары эрдэттэн билиигэ үлэлиир быраастары көҕүлүүр төлөбүр быһыытынан ыытылынна. Туһааннаах дьаһал эмиэ сайтка таҕыста.