28 Атырдьах ыйа 28.08
  • 25°
  • $ 80,44
  • 93,34

Мэдиссиинэ чаттарын нөҥүө тус ыйытыктары биэриэххэ сөп

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ үгүс мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ холбоммут ТГ-ханаалга анал чаттарыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 936 киһи тус ыйытыылардаах таҕыста, суруйда Саха сирэ саайт.

Чаттарга маннык түгэннэргэ суруйуохха сөп:

  • бырааска суруйтарыы кыһалҕалара;
  • бырааһы дьиэҕэ ыҥырыы кыһалҕалара;
  • көрдөрүнүүгэ уонна анаалыстарга кэтэһии болдьоҕун кэһии;
  • ыйытар-билсэр боппуруостар уонна нормативнай докумуоннары быһаарыы;
  • этиканы уонна деонтологияны кэһии;
  • сокуоҥҥа сөп түбэспэт ирдэбиллэр уонна төлөбүрдээх өҥөлөрү соҥнуу сатааһын.

«Маннык чаттар дойду үгүс эрэгийиэнигэр үлэлииллэр — нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар сыһыаннаах кыһалҕалаах боппуруостарын түргэнник быһаарарга улаханнык көмөлөһөллөр. Мэдиссиинэ чаттарын Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уонна мэдиссиинэ тэрилтэлэрин салайааччылара хонтуруоллууллар», – диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Саха сирин олохтоохторо чаттарга бэнидиэнньиктэн субуотаҕа диэри күн аайы 08:00 чаастан 20:00 чааска диэри суруйар кыахтаахтар.

Чаттар сигэлэрэ:

Бырайыагы «Социальнай эйгэ» пуонда дойду Уопсастыбаннай балаататын кытта тэҥҥэ олоххо киллэрэр. Бу тэрээһин РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыагын сыалларын-соруктарын толорууга туһуланар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА