22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ хаҥаластар Белоруссияҕа от охсон кэллилэр

11:17, 23 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 11 ‒ 12 күннэригэр Белоруссия Өрөспүүбүлүкэтин Витебскай уобалаһын Поставскай оройуонугар «Жилинские сенокосы» диэн ааттаах илии хотуурунан оттооһуҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ улууспут ыччаттара Вячеслав Окороков уонна Дмитрий Тихонов ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Кинилэр бу төрдүс сырыылара.


Бу күрэхтэһиигэ уопсайа 30 киһи Кытайтан, Украинаттан, Белоруссияттан уонна Россияттан биһиги уолаттарбыт кыттыбыттар. Польшаттан уонна Россияттан Свердловскай уобаластан Артинскайдааҕы хотуур оҥорор собуоттан ыалдьыттар тиийбиттэр. Күрэхтэһии икки көрүҥҥэ ‒ биэс чаас устата уонна 400 миэтэрэни охсууга ыытыллыбыт. Вячеслав Окороков биэс чаас усталаахха, оттон Дмитрий Тихонов 400 миэтэрэҕэ кыттыбыттар.

Дмитрий Тихонов бэйэтин көрүҥэр алта киһи кыттыбытыттан, барыларын иннигэр түһэн, бастаата. Кини  бэриллибит сирин 43 мүнүүтэ иһигэр оҕуста. Иккис, үһүс миэстэлэри белорустар ылбыттар. Оттон Вячеслав Окороков биэс чаас устата охсууга 24 киһи кыттыбытыттан, балачча үчүгэй көрдөрүүнү ситистэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт күрэхтэһиилэр икки төгүллэх чемпионнара.

Илиинэн охсууга күрэхтэһии тиэхиньикэ киирбэт сиригэр ыытыллар. Билигин онно оттоон ыраапппыттар. Илиинэн охсууну эмиэ сэҥээрэн туһаналлар эбит. Маннык тэрээһиннэргэ сылдан биһиги биир дойдулаахтарбыт сахалар илиинэн от охсуутугар баай уопуттаахтарын, биир бастыҥнарын көрдөрө сылдьаллара хайҕаллаах суол. Быйылгы норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр бэһис төгүлүн ыытылыннылар. Бу иннинэ Россияҕа Свердловскай уобаласка, Белоруссия Березаҕа, Польшаҕа Бимжанскай национальнай уокурукка ыытыллыбыттар.

Белорусияҕа биһиги бу сырыыбытын, күрэхтэһиигэ кыттыыбытын улууспут баһылыга Николай Старостин өйөөбүтүгэр, күүс-көмө буолбутугар махтанабыт, ‒ диир Муниципальнай баайы-дуолу салайыы агентствотын салайааччыта, улуустааҕы төрүт дьарык көрүҥнэригэр федерация бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Тихонов. ‒ Бу айаммыт сыала-соруга аҥардас күрэхтэһиигэ кыттыы эрэ буолбатах этэ. Бастакытынан, сахалартан бастакынан Советскай Союз Геройун үрдүк аатын сүкпүт Федор Попов көмүс уҥуоҕа көтөҕүллэ сытар Гомельскай уобалас Лоевскай оройуонун Деражичи бөһүөлэгэр баран Геройбут аатын үйэтитиигэ салгыы үлэни-хамнаһы тэрийиини торумнааһын. Иккиһинэн, күрэхтэһиигэ кыттыы. Үсүһүнэн, илиинэн от охсуутугар норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциацияны тэрийии боппуруоһун көтөҕүү. Ити сүрүн соруктарбытын толордубут.

Деражичига Геройбут көмүллүбүт ытык сиригэр тиийэн сырдык аатыгар сүгүрүйэн, олохтоох дьону көрсөн кэлбиттэр. Бывальскай олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлин Татьяна Здрогу кытары Деражичига 10 Советскай Союз Геройа көмүллэ сытар сиригэр кинилэр хаартыскаларын, хантан төрүттээхтэрин, туох хорсун быһыыны оҥорбуттарын кэрэһэлиир бары кыттыһан обелиск оҥоруутун боппуруоһун этии быһыытынан көтөхпүттэр. Биһиги дьоммут киллэрбит этиилэрин олохтоох салалта сэргээбит, салгыы үлэлэһэргэ сүбэлэспиттэр.

Дмитрий Иванович илиинэн от охсуутугар дьарыктаах, интэриэстээх дьону түмэн ассоциация тэрийиигэ кэпсэтии былырыыҥҥыттан барбытын кэпсээтэ. Быйыл бу күрэхтэһиигэ түмсүбүт тэрийээччилэр уонна кыттааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциацияны тэрийэргэ сөбүлэһэн бэрэссэдээтэлинэн Россияттан Уралтан Артинскай хотуур оҥорор собуотун генеральнай директорын солбуйааччы Александр Шатохины талбыттар. Артинскайдааҕы собуот бүгүҥҥү күҥҥэ Россияҕа хотуур оҥорор соҕотох тэрилтэнэн буолар. Сылга 1 мөлүйүөн хотууру оҥорон Россияҕа эрэ буолбакка, тас дойдуларга атыыга таһаарар. Артинскай хотуурдара бастыҥ хаачыстыбатынан киэҥ биһирэбили ылаллар.

Сахалар былыр-былыргыттан илиинэн от охсон кэллэхпит, ‒ салгыы кэпсиир Дмитрий Иванович. ‒ 1938 сыллаахха Тааттаҕа Алексей Кладкин уон чаас устата 5 гектар 16 суотай сири охсубутун үгүс киһи, ордук атын дойду дьоно итэҕэйбэт курдук. Дьиҥэр, ол кырдьыктаах чахчы, сурукка тиһиллэн билигин устуоруйаҕа киирдэҕэ. Ити олохтоммут рекордун ситэр киһи чугас эргин кэмҥэ көстө илик. Быйылгы «Күүлэйгэ» Белоруссияттан кыттааччылары ыҥырдыбыт. Кинилэргэ билигин да илиинэн от охсуута туһаныллар күрэхтэһэ эмиэ биир бастыҥнарынан ааҕыллаллар. Биһиэхэ илиинэн от охсуутун төрүт дьарык быһыытынан салгыы сайыннарар сыал-сорук турар. Бэйэбит улууспут иһинэн тэриллибит федерациябытыгар ити хайысхаҕа эмиэ ыкса үлэлэһэбит. Инникитин төрүт дьарыктарбытын успуорт көрүҥүнэн билинэн, онно нуормалары олохтуур баҕа санаалаахпыт. Оччотугар ыччаты өбүгэ төрүт үгэстэригэр маассабай сыһыарыы, тардыы кыаллыан сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА