Мэҥэ Хаҥалас балыыһатыгар быйыл 4 массыына ылыллыбыта. Саҥа реанимобиль «Суһал көмө» сулууспатыгар бэрилиннэ. Бу иннинэ 3 санитарнай «УАЗ» массыынаны ылан, Хорообут, Лоомтука, Бүтэйдээх сэлиэнньэлэрин амбулаторияларыгар биэрбиттэрэ.
— Уһук, ыраах нэһилиэктэр амбулаториялара бэйэлэрэ бас билэр массыыналаахтара улахан суолталаах. Ыараханнык ыалдьыбыт ыарыһахтарын тута улуус киинигэр тиэйэн киллэрэллэр. Ону тэҥэ, исписэлиистэргэ көрдөрө киирэр пациеннары эмиэ таһаллар, анаалыс ылан баран, уталыппакка лабораторияҕа киллэрэллэр. Онон улууспутугар санитарнай тырааныспар былааннаахтык саҥардыллара олус үчүгэй, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһын э.т. Наталья Федорова эттэ.
Чахчыта, санитарнай массыына ыксаллаах түгэҥҥэ киһи олоҕун быыһыыр кыахтаах абыраллаах тырааныспар буоллаҕа. Оттон реанимобиль киһи олоҕун быыһыыр анал тэриллэринэн толору хааччыллыбыт, «Суһал көмө» сулууспатын үлэтигэр төһүү күүс буолар.