Бэс ыйын 12 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэгин Долоон учаастагар үлэһит дьону көҕүлүүр, уруйдуур сыаллаах «Үлэ киһитин уруйдуубут!» диэн этиинэн салайтаран, биллиилээх ыанньыксыт, Ленин уордьанын кавалера Павел Софронович Винокуров төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах ыһыах ыытылынна.
Манна Павел Софронович оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, Долоонтон силистээх-мутуктаах, үтүө үлэһит төрүттэрдээх дьон ыраахтан-чугастан муһуннулар.
Ыһыах сүрүн уратытынан ыанньыксыттар күрэхтэһиилэрэ буолла. Ынаҕы илиинэн ыаһын күрэхтэһиитигэр 19 киһи кытынна. Сарсыарда аҕыс чаастан саҕалаан сайыҥҥы титииккэ ыанньыксыттар имигэс илиилэрин биир кэм эрчимнээхтик ыан, балла кутуллар. Чугастааҕы кэрии тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйда, сайылык ыраас салгына илгийдэ. Хара Харах, Маайа, Маҥааччыйа о.д.а. «Солооһун» туран биэрэн, өлгөм үүтү ыаттылар. Ким төһө түргэнник, хаачыстыбалаахтык, чэнчистик туттан-хаптан уонна төһө элбэҕи ыабытын, сүөһүнү көрүүгэ билиилэрин-көрүүлэрин улуус араас нэһилиэктэрин бэтэрэнээрдэрэ сыаналаатылар.
Күрэхтэһиигэ Баатара нэһилиэгин баһылыга Федор Захаров бэйэтинэн кэлэн кыттан, дьонноругар үтүө холобур буолан көҕүлээтэ.
Түмүккэ 40 саастарыгар диэри кыттааччыларга үһүс истиэпэннээх дипломунан Павел Софронович сиэнэ Сергей Винокуров наҕараадаланна, иккиһи Балыктаах ыччата Айтал Васильев уонна кыайыылаах аатын 36 саастаах «Хорообут» ХЭТ ыанньыксыта Наталья Васильева сүктэ. 40 ‒ 60 саастаахтарга үсүһү «Тумул» ТХПК үлэһитэ Евдокия Власова, иккиһи Александра Шишигина (Төхтүр), бастакы миэстэни Хорообуттан Михаил Егоров ыллылар. Оттон 60-тан үөһэ саастаахтарга Баатара нэһилиэгин баһылыга Федор Захаров үһүс, Балыктаахтан Владимир Мохначевскай иккис уонна кыайыылаах үрдүк аатыгар Нөөрүктээйи ыанньыксыта, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ осеменатора Мария Алексеева тигистэ.
Күрэхтэһээччилэр бэйэлэрин санааларын маннык үллэһиннилэр.
Айтал ВАСИЛЬЕВ, Мэҥэ нэһилиэгиттэн кыттааччы: Сүөһү иитиитинэн дьарыктаммытым 4 сыл буолла. Дьонум сүөһүлээх буоланнар кыра эрдэхпиттэн сыстаҕаспын. 11 сүөһүлээхпит, кэргэмминээн көрөбүт, түөрт ынаҕы ыыбын. Ыанньыксыттар күрэхтэһиилэригэр аан бастаан кыттабын. Олус сөбүлээтим. Инникитин даҕаны кыттыам диэн санаалаахпын.
Туйаара ДЕСЯТКИНА, «Тумул» ТХПК ыанньыксыта: Ыанньыксыттаабытым 6 сыл буолла. Кээпэрэтиипкэ 20-чэ сүөһүнү ыыбын. Маннык күрэхтэһиигэ төрдүс сылбын кыттабын. Биһиги тэрилтэбититтэн үһүөбүт. Долгуйар түһүмэхпинэн боппуруостарга эппиэттээһин буолар. Мин көрдөхпүнэ, күрэхтэһии тэрээһинэ сылтан-сыл аайы тупсан иһэр.
Наталья ВАСИЛЬЕВА, «Хорообут» ХЭТ ыанньыксыта: Хаһаайыстыбаҕа 120 ыанар ынахтан ыанньыксыттар бэһиэбит. Биирдии киһиэхэ 30-ча ынах тиксэр. Илиинэн ыаһыҥҥа бу бастакыбын кыттабын. Быйыл саастарынан араарбыттара олус үчүгэй. Кыттааччы ахсаана элбээн иһэр. Биһиэхэ эдэрдэргэ күрэхтэһии элбэх уопуту биэрэр. Атын сүөһү этэҥҥэ ыатта, онон үөрэбин.
Михаил ЕГОРОВ, «Хорообут» ХЭТ үлэһитэ: Мин 1976 сыллаахтан Герой Попов аатынан сопхуос саҕаттан үлэлиибин. Настаабынньыкпынан Мария Шишигина буолар. Ыанньыксыт үлэтэ ыарахан, элбэҕи сүгэр-көтөҕөр, онон эр дьон сүөһүгэ сысталлара олус үчүгэй. Бүгүн элбэх эдэр эр дьон кэлбитин биһирээтим итиэннэ Баатара баһылыга бэйэтэ кыттыбытын олус сэргээтим. Кыттааччыларга бастыҥынан Нөөрүктээйиттэн сылдьар Мария Алексееваны бэлиэтиибин.
Тэрээһиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар дьиҥ-чахчы үлэлии сылдьар, үлэни этинэн-хаанынан билэр дьоннор: «Тумул» ТХПК, «Хорообут» ХЭТ, «Чүүйэ» МУП, «Солооһун» ТХПК, «Долоон» ХЭТ, ону сэргэ сүөһү иитиитигэр дьарыктана сылдьар Баатараттан, Нөөрүктээйиттэн, Мэҥэттэн, Дьаҥхаадыттан «Алаһа», «Эркээйи» бааһынай хаһаайыстыбалар кыттыыны ыллылар.
Ыһыахха урукку сылларга Долоон учаастагар сүөһү көрүүтүгэр эҥкилэ суох үлэлээн ааспыт, үтүөкэннээх үлэһит дьоннор, «Революция» колхуоска үрүҥ илгэни дэлэтиигэ 1940 сылга диэри бастакы майаактарын, ыстахаанабыстарын ааттарын үйэтитэр өйдөбүнньүк дуоска аһыллыытын үөрүүлээх түгэнэ буолла. Өйдөбүнньүк суругу «Дьаҥхаады нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Людмила Пермякова, биллилээх ыанньыксыт Марина Шарина кыыһа Зинаида Шарина уонна Дьаҥхаады нэһилиэгин «Ытык сүбэтин» бэрэссэдээтэлэ Лука Никифоров астылар, урукку сылларга дьоһун олоҕу олорон, үлэ үөһүгэр сылдьыбыт ытыктабыллаах дьону санаан-ахтан ааспыттарыгар, кэнчээри ыччакка хаалар өйдөбүнньүк дуоскаҕа кинилэр ааттарын суруйан хаалларбыттарыгар махталларын тиэртилэр.
Бу күн «Дьаҥхаады дьоно. Сир-дойду дьонунан киэркэйэр» диэн сиэрийэ иһинэн Павел Софронович Винокуров олоҕун, үлэтин-хамнаһын кэпсиир кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Сэттэ түһүмэхтэн турар халыҥ кинигэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ кинигэ кыһатыгар 150 ахсаанынан Павел Софронович кыргыттара Феодосия Сивцева уонна Саргылаана Винокурова ахтыылары хомуйан оҥорууларынан таҕыста. Кинигэ тахсыытынан улуус баһылыга Николай Старостин, Ил Түмэн судаарыстыбаннай Мунньах бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Романов, Дьаҥхаады нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Яковлев, ыстахаанабыс Ааныска оҕолоро, сиэннэрэ, Павел Софроновичтыын бииргэ элбэх сыл бииргэ үлэлээбит ытык кырдьаҕас Анна Макарова, юстиция генерал-мойуора Иван Корякин о.д.а. эҕэрдэ тылларын бастыҥын анаатылар.
Кинигэ ааптардара биир дойдулаахтарыгар кинигэ тахсарыгар күүс-көмө буолбут ХИФУ үлэһитигэр Валентина Слепцоваҕа махтаннылар. Павел Винокуров оҕолорун сиэннэрин ааттарыттан уола СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Винокуров улуус дьаһалтатыгар, чуолаан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыга Иван Птицыҥҥа үлэ дьонун чиэстээһин тэрээһинэн көҕүлээн ыыппытарыгар, кинигэ тахсарыгар үбүнэн-харчынан көмөлөспүттэригэр махталларын тиэртэ.
Улууска бэтэринээр сулууспата 80, нэһилиэккэ 70 сылларынан улуус баһылыгын Махтал суругунан тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Анна Макарова, «Улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Мария Пермякова, РФ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин Бочуотунай грамотатынан «Долоон» ХЭТ комбайнер-тырахтарыыһа Иван Ченянов, РФ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин Махтал суругунан «Долоон» ХЭТ тырахтарыыһа Иван Шишигин, оробуочай Евсей Винокуров наҕараадаланнылар.
Үлэ дьонун уруйдуур ыһыахха Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой үлэһиттэрин туруоруутунан «Үлэһит киһи аата үйэлэри уҥуордуур» диэн бэртээхэй быыстапка туруорулунна. «Көөчөөн көрө» мини-тыйаатыр туруортуутунан «Чуу-чаа-маа-чаа» диэн көрдөөх-нардаах оонньуу, сахалыы таҥаһы көрүүгэ, урукку кэм ырыаларыгар куонкурустар тэрилиннилэр. Бу күн Долоон сайылыгар «Кыталык» ансаамбыл толоруутугар үҥкүүлэр дьону-сэргэни үөртүлэр. Табаҕатааҕы култуура киинин иһиһнэн дьарыктанар оҕолор дьүһүйүүлэри ааҕаннар көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр, Төхтүрдээҕи ускуустуба оскуолатын иитиллээччилэрэ араас дойду үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр.