22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥаласка Дьокуускай оскуолатын оҕолоро ынах ыыллар

11:06, 28 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар баар Чаачыгый сиригэр-уотугар оҕолору тыа сиригэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр «Илгэ» лааҕыр үлэлиир. Оҕолор манна ынах ыыллар, ньирэй аһаталлар.


Лааҕырга быйыл 25 оҕо баар. Дьабыыл орто оскуолатын бэһис кылаастан үөһэ үөрэнээччилэрин сэргэ Дьокуускай куораттан аҕыс оҕо. Оҕолор 19 ынаҕы көрүүгэ үлэлииллэрин, лааҕыр олоҕо интэриэһинэйин, оннооҕор ньирэйи төрөтүүгэ көмөлөспүттэрин сэргии кэпсээтилэр.

Радмила Александрова, Дьокуускай куорат 31 оскуолатын бэһис кылааһын үөрэнээччитэ: Бу лааҕырга эдьиийим барыахха диэн этэн кэлсибитим уонна олус сөбүлээтим. Элбэх оҕону кыттан билистим, саҥа доҕоттордоннум. Күнү быһа айылҕаҕа сылдьарбыттан астынным уонна ньирэйдэри аһатарбын ордордум, ынахтартан куттаммакка имэрийэхпин сөп.

Валентин Матвеев, Дьабыыл орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ: «Илгэҕэ» иллэрээ сыл сылдьыбытым. Лааҕырбытыгар сарсыарда 6 чааска тураммыт ынахтары титииккэ киллэрэбит, аппаратынан эбэтэр сороҕор илиибитинэн ыыбыт, ол кэмҥэ атын оҕолор ньирэйдэри аһаталлар. Ол кэнниттэн титииги ыраастыыбыт. Биһиги кылааспытыттан бэһиэбит. Күҥҥэ биэстэ тото-хана аһыыбыт, оҕуруоту көрөбүт, уу кутабыт уонна араас тэрээһиннэргэ, ооньууларга үөрэ-көтө кыттабыт. Манна сылдьаммын ынах ыыр аппараатынан тутта үөрэнним, дьиэбэр урут да көмөлөһөр этим, билигин өссө сатабылым эбилиннэ.

Ксения Румянцева, Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччитэ: Нуораҕанаҕа эһэм уонна аймахтарым олороллор. Былырыын ийэм маннык лааҕыр үлэлиир эбит диэн эппитигэр тута кэлбитим уонна олус сөбүлээн былталарбын кучуйан быйыл эмиэ кэллим. Хотоҥҥо үлэлиирбин астынабын. Сүөһүлэри кытта хайдах сыһыаннаһары биллим, олус сымнаҕас уонна өйдөөх кыыллар диэн түмүккэ кэллим. Манна сылдьан биһиги айылҕалыын алтыһабыт, тыа сирин оҕолорун кытта биир тыл булан оонньуубут. Үһүс сылбар хайаан даҕаны кэлиэм диэн баҕалаахпын.

«Илгэ» лааҕыр салайааччытынан Дьабыыл оскуолатын информатикаҕа учуутала Александра Бурцева, иитээччинэн оскуола музыкаҕа учуутала Любовь Самойлова уонна ас астааччынан Татьяна Петрова үлэлииллэр. Быйыл лааҕыр «Музыка для всех» бырайыагынан ырыаҕа ананан үлэлиир. Сынньалаҥнарын оонньоон, ыллаан-туойан атаараллар. Дьокуускайтан кэлбит үөрэнээчилэр оҕолору балет ускуустубатыгар кытта үөрэтэллэр, оҕолор бэйэ бэйэлэри кытта алытһаннар сайыҥҥы сынньалаҥнарын бэртээхэйдик атаара сылдьаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА