22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕатыгар 100 миэстэлээх саҥа хотон аһылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьиэ сүөһүтүн иитэр фермалары сайыннарыыга грантовай бырагыраамаҕа кыттан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа нэһилиэгин Иван Герасимов 100 ыанар ынахха саҥа сүөһү комплексын тутарга көмө ылла диэн Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Быйыл балаҕан ыйыгар хаһаайыстыба баһылыга Иван Герасимов анал байыаннай дьаһалга доброволец быһыытынан баран, ферманы кини төрөөбүт быраата Роман Герасимов салайар.

«Герасимов Иван Романович» ТХПК 2017 сылтан үлэтин саҕалаабыта. 2018 сылга эдэр фермер бэйэтин хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 3 мөл. солк. грант ылары ситиспитэ — сүөһүнү уонна тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэни атыыласпыта. Билигин хаһаайыстыбаҕа 227 ынах сүөһү, ол иһигэр 114 ыанар ынах баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА