8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Мэҥэ Хаҥалас улууһа «КамАЗ» массыынаны бэлэх тутта

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ, суолга үлэлиир аныгы тиэхиньикэни бэлэх быһыытынан тутта.

Василий Шимохин салайааччылаах «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ нэһилиэнньэни куттала суох уонна хаачыстыбалаах суолунан айанныылларын хааччыйарга үлэлиир «КамАЗ» массыынаны көмө быһыытынан туттарда.

«Улуус дьаһалтата «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэни кытта өр сылларга бииргэ, таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Араас социальнай бырайыактарга, тутууларбытыгар куруук өйөбүл буолаллар, ыччаттарбыт үлэһит быһыытынан бу тэрилтэҕэ үүнэллэр-сайдаллар», — диэн санаатын үллэһиннэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов.

Ааптар: Сайаана Львова, Саха сирэ саайт
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА