22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Марина Томилова: дьэ өйдөөтүм тоҕо Саха сирэ куруук үрдүк көрдөрүүлэрдээҕин

17:53, 06 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» Оонньууга бэлэмнэниини уонна физкультура, спорт сайдыытын туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова уонна РФ спорка миниистирин солбуйааччыта Марина Томилова дьыалабыай көрсүһүүлэригэр кэпсэттилэр.


Саха сирин премьера Оонньуу төрүттэммитэ быйыл 20 сыла буолбутун, аан бастаан 1996 сыллаахха ыытыллыбытын уонна аныгы Олимпийскай Оонньуу 100 сылыгар анаммытын кэпсээтэ.

Галина Данчикова этэринэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Оонньуу Саха сиригэр ыытыллыытын сэҥээрэллэр. Бу тэрээһин аан дойду таһымыгар таҕыста, өрөспүүбүлүкэҕэ спортивнай объектар материальнай баазалара тубуста, аан дойду стандартыгар сөп түбэһэр саҥа спортивнай комплекстар тутулуннулар. Бэрэссэдээтэл итинник бэлиэтээһиннэри оҥорон баран, РФ спорка министиэристибэтигэр Саха сиригэр оҕо спорда сайдыытыгар өйөбүллэрин иһин махтанна.

Марина Томилова Саха сирин салалтата маассабай спорт уонна физическэй култуура сайдыытыгар ыытар үлэтин биһириирин биллэрдэ. Министиэристибэ уонна өрөспүүбүлүкэ икки ардыгар бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэҥ чэрчитинэн ыытыллар тиһиктээх, ситимнээх үлэни хайҕаата.

Кэпсэтиигэ икки хайысхаҕа тохтоотулар: адаптивнай физкультура уонна спорт Киинин, итиэннэ универсальнай спортивнай тир тутууларыгар. Премьер бэлиэтээбитинэн адаптивнай физкультура уонна спорт өрөспүүбүлүкэ салалтатын судаарыстыбаннай бэлиитикэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар. Саха сиригэр 2004 сыллаахтан саҕалаан сылын аайы бу хайысхаҕа Спрартакиада ыытыллар, кыттааччы ахсаана сылын аайы эбиллэ турар. Маны сэргэ доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнарга пауэрлифтинг уонна көҥүл тустуу көрүҥнэрэ «Азия оҕолоро» Оонньуу бырагырааматыгар киирэ сылдьар.

Бэлиэтээн этэр буоллахха, Саха сирэ үс парлимпиецтаах — III-с уонна уонна IV Паралимпийскай Онньууларга үрүҥ көмүс уонна боруонса призердар  уонна 6 сурдлимпийцтаах.

Онон бу эйгэни салгыы сайыннарарга Киин наада. 2014 сыллаахха тэриллибит өрөспүүбүлүкэтээҕи киин ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт.

«Киин тутуута доруобуйаларынан хааччахтаах дьон физкультуранан уонна спордунан дьарыктаналларыгар усулуобуйаны тэрийии чэрчитинэн ыытыллар», — диэтэ Галина Данчикова. Кини этэринэн, тутуу бырайыактыыр-сметалыыр докумуона баар, судаарыстыбаннай экспертиза ааспыт, бюджетнай сайаапка тустаах министиэристибэҕэ ыытыллыбыт.

Өрүттэр физкультуранан уонна спордунан дьарыктаныыга усулуобуйаны тэрийии ыытыллыахатааҕар санаалара биир.

Галина Данчикова кэпсэтиини ситэрэн өссө да ыраах нэһилиэктэргэ, бөһүөлэктэргэ спорсаала суоҕа атахтыырын, ол гынан баран спордунан дьарыктанааччы ахсаана элбии турарын бэлиэтээтэ. Онон бырабыыталыстыба бу хайысхаҕа биир кэлимник үлэ ыытара этилиннэ. Билигин экономика министиэристибэтэ нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай объектары тутуу схематын оҥорорун, ол иһигэр спортивнай саалалары тутуу критерийдэрин быһаарарын эттэ.

«Дьэ, билигин мин өйдөөтүм, тоҕо Саха сирэ үрдүк көрдөрүүлэрдээҕин», — диэтэ кэпсэтии бүтэһигэр Марина Томилова уонна ситиһиилэри баҕарда.

Кэпсэтиигэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы — экономика миниистирэ Алексей Стручков, СӨ спордун миниистирэ Михаил Гуляев, «Азия оҕолоро» Оонньуу Дирекциятын салайааччы Владимир Максимов кытыннылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА