22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Максим Аммосов олоҕун, үлэтин туһунан саҥа кинигэ таҕыста

09:24, 27 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ СӨ национальнай библиотекатын история саалатыгар Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Филология  билимин суруналыыстыка хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров «Максим Аммосов» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Саҥа кинигэ «Жизнь замечательных людей» сиэрийэнэн«Молодая гвардия» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт.


“Үчүгэй кинигэ тахсыыта, ыалга оҕо төрөөһүнүн курдук” диэн бэргэн этии баар. Онон норуот туһугар олорбут чулуу киһи туһунан кэпсиир кинигэ, кырдьык, саха дьонугар ураты умнуллубат түгэнинэн буолла.

Бу күн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков, өрөспүүбүлүкэ биллэр уопсастыбаннай диэйэтэллэрэ, суруйаачылар, Нам улууһун дьаһалтата, ХИФУ уһуйааччылара кинигэ тула санааларын үллэһиннилэр. Хас биирдии сылаастык, истиҥник этиллибит тыллартан, тус бэйэм олус элбэҕи биллим. Норуотун туһугар олорбут Максим Кирович Аммосов диэн кимий? Кини тугу оҥорбутай, тугу ситиспитэй? Маннык ис хоһоонноох ыйытыыларга хоруйдары бүгүҥҥү ыччат бу кинигэттэн булан ааҕыахпытын сөп.

Бары өттүттэн дьоҕурдаах, киэҥ билиилээх эдэр киһи Саха сирэ үүнэ чэчирииригэр, норуот доруобай буоларыгар араас өттүттэн көҕүлээһини тэрийбитэ, сайдыы саҥа аартыктарын арыйбыта. “М.К. Аммосов – уһулуччулаах сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл, П.А.Ойуунускайы, И.Н.Бараховы кытта Саха автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэригэр кырата суох сыратын уурбута, өрөспүүбүлүкэ, хотугу кыраай сайдарыгар дьаныардаахтык элбэҕи турууласпыта. Биһиги оччолорго сайдыыны аҕалбыт, кэскили түстээбит дьоммут үтүө ааттарын үйэтитэр үлэлэр салгыы өссө да ыытыллыахтара”, — диэн бэлиэтээн эттэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков.

Мин эдэр ааҕааччы быҕыытынан, кинигэ олус интэриэһинэй диэн сыаналаатым. Тыла-өһө ааҕарга, ылынарга чэпчэки, киһи интэриэһин тардар. Мин саастыылаахтарым Максим Аммосов далааһыннаах үлэтин туһунан дириҥник билэллэригэр бу кинигэ улахан суолталаах буолуоҕа. Максим Кирович Киргизияҕа, Кыргызстаҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кыргызстаҥҥа баара-суоҕа аҕыс эрэ ый үлэлээн, саҥа үөскээбит сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ сайдар суолун торумнаспыта.

М.К. Аммосов инникини өтө көрөр, норуот кэскилин түстээбит бөлүһүөк диэн сыаналыыбын. Саха инники дьылҕата, сайдыыта, сүөһүтэ, аһа — барыта сир баайын кытта сыһыаннааҕын эрдэттэн торумнаабыт. Саха сирин сайдыыта онно тирэҕирбитэ саарбаҕа суох.

Максим Кировиһы күүстээх, тулуурдаах киһи быһыытынан ылынным. Репрессия ыар сылларыгар бэйэтин харыстаммакка, норуотун көмүскээбитэ. Онон кинигэ ааптарыгар О.Г. Сидоровка, үгүс докумуоннары, кинигэлэри чинчийэн, норуот баай энциклопедиятын таһаарбытыгар махтанабыт. Сүрүн көмөнү Аммосов кыра кыыһа Лена Максимовна оҥорбут.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА