Майа олохтоохторо Мария Иннокентьевна уонна Анатолий Иванович Тумусовтар тэлгэһэлэригэр 70-ча кэриҥэ сардаана тыллан күҥҥэ сыламныы туралларын сардаананы уруйдуур-айхаллыыр күҥҥэ түбэһиннэрэн көрөн сөхтүбүт.
Үс-түөрт сыллааҕыта сардаана «Кыһыл кинигэҕэ» киллэриллибит диэн хонууттан үс сардаананы түөрэн дьиэлэрин кэннигэр олордубуттар, бастаан уу кутан бүөбэйдээбиттэр. Сыл аайы сиэмэтин ыһан тэнийэн-тэнийэн, олбуор таһынан ыалларыгар кытта тахсыбыт. Айылҕа кэрэ сибэккитин үргээн ылалларын сөбүлээбэппит диэн дьиэ хаһаайката Мария Иннокентьевна этэр. «Сардааналарбыт, атын да хонуу сибэккилэрэ тэлгэһэбитигэр сиэмэлэрин ыстыннар диэммит, кэргэним тэлгэһэ отун хойутуу оҕустарар уонна үүнээйилэрбитин дьиэбит кэннигэр күлүк сиргэ ыт-кус киирэн тэпсибэтин диэммит анал күрүөлээн-хаһаалаан олордобут, оччоҕуна кинилэр силигилии үүнэллэр«, — диир кини.
Тумусовтарга малина, клубника, дөлүһүөн, бузина, харас, моонньоҕон, үөрэ от о.д.а. үүнээйилэр бааллар, оттон сибэккилэртэн хонуу сибэккилэрэ чуораанчык, ньээм-ньээм, ромашка, таҥара кийииттэрэ үүммүттэр, ону сэргэ хатыҥнар, бэстэр тэлгэһэни өссө киэргэтэллэр.
Анатолий Иванович олбуорун хайдах туппутун көрдөрдө. Төрөөбүт-үөскээбит Өлүөхүмэтигэр курдук, олбуор баҕаната ардахха сиигирэн сытыйбатын, эмэҕирбэтин, өр сылга көнөтүк турдун диэн үөһэ өртүнэн ардахтан харыстыыр кырыыһа туттарбыт. Онон олбуордара даҕаны уратытык көстөр.